Картина “Столбы”. Художник А.С.Бочкарева-Иннокентьева. 2000г.

“…Көмүс үктэллээх, симилиэс сиксиктээх,алтан ардайдаах турар хайаларынан дьүөкэттэнэн,күөх лиэнтэни сыыйа тарпыт курдук,көҕөрөн көстөр мыраанынан сэлэлэнэн,тоҥ көмүһү уулларан куппуттуу,үллэр үс үөһэ үрүҥ күнү утары көрдөххө,үрүлүйэ тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүнэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм!
Уу – быйаҥ уолбат улуу тымыра, мөлүйүөнтэн мөлүйүөн тыынар тыыннааҕы утаҕын ханнара,өлбөт мэҥэ умун кэриэтэ тыын уга,уһаты түһэн сытаахтыыр. Кэтит кэскил киэҥ,уһун кэһиитэ буолан, тылбыйар кынаттаах төбөтүн-төрдүн көтөн булбат, уоттаах харахтаах уҥуоргу өттүн кыайан көрбөт, көҥүл, уйгу олох туоната буолан, килбэйэ устаахтыыр ини кини бэйэлээх!”.

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон 1926 сыллаахха “Т.Уо” о.э.

Тыа Уола диэн илии баттаммыт бастакы айымньытыттан быһа тардан.