Тааттатааҕы лицейгэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Уруокка үөрэнээччилэр Новгородов С.А. алпаабытын историятын, Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев -Суорун Омоллоон үөрэхтээһиҥҥэ уонна сахалыы фольклорга кылаатын туһунан билиилэрин чиҥэттилэр.
8 «б» кылаас үөрэнээччитэ Настя Парфенова «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтин» бырыайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт уруок туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр: “Биһиги кылаас чааска былыргы сахалыы алфавиты көрдүбүт, былыр хайдах сахалыы суруйалларын уонна түмүккэ өс хоһооннору уонна таабырыннары таайбыппыт. Саамай интириэһиргээбитим былыр сахалыы тыллары хайдах суруйалларын. Перону чернильницаҕа уга-уга суруйан көрдүбүт. Бастаан ыарахан соҕус онтон үөрэннэххэ үчүгэй эбит”.