Былатыан Ойуунускай аатынан литература уонна Таатта музейдарын “Ойуунускай Сардааната” холбоһук быыстапката үлэтин саҕалаата.
1990 сыллаахха Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музей научнай үлэһитэ Егор Семенович Никифоров Сардана Платоновна Ойунская илиититтэн дьиэ кэргэнин историческэй экспонаттары бэлэх туппута. Кини аҕатын кинигэтин бастакы сирэйигэр суруйан хаалларбыта: ” Күндү биир дойдулаахтарбытыгар, аймах-билэ дьоннорбутугар, Таатта кэнчээри ыччатыгар-көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыбатын диэн алҕаан туран, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үйэ аҥара харах харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыт кинигэбитин бэлэхтиибит.
Ытыктабылы кытта: Саргылана, Сардана уонна сиэн оҕолор: Платон, Мария, Лина. 12.04.90. Якутскай к.”.
«Таатта» түмэлэ Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Биһиги аҕабыт” матырыйаалын “Писатели Таатты” салааҕа билсиҥ.