САССР норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов 1944 сыллаахха Аллараа Амматтан төрүттээх Григорий Данилович Федоров мэтириэтин суруйбута. Григорий Уус Амма элбэх оҕолоох Данил Константинович уонна Мотрена Степановна Федоровтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэммитэ. 1931-38сс. Нам оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1938 сыллаахха сымыйанан балыллан, хаайыыга утаарыллыбыта.Буруйа суоҕа дакаастанан, эргиллэн кэлэн Емельян Ярославскай аатынан «Саха музейыгар» история отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. И.В.Попов чугас доҕоро. Музейга үлэлиир кэмигэр 1941 сыллаахха от ыйыгар «Якутский музей имени Ем.Ярославского» диэн кинигэни бэчээттэппитэ. Григорий баара суоҕа 27 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Төрөппүттэрэ Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон кэскиллээх тылын ыланнар, билигин бу мэтириэт Чөркөөхтөөҕү политическай ссылка историятын кэрэһилиир музейга хараллар.
Живописец, скульптор, реставратор Иван Иванович Попов 55 сааһа
Удьуор харалы уруһуйдьут Боппуоктар үһүс көлүөнэ живописец, скульптор, реставратор, иллюстратор Иван Иванович Попов – II төрөөбүтэ 55 сааһа. “ТААТТА” түмэлин пуондатыгар ини бии Иван, Гаврил Поповтар эһэлэрин, Саха норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов биллиилээх хартыыналарын “Ойуун”, “Ньирэй”, “Дьокуускай 17 үйэҕэ”, Таатталарын дьонугар куоппуйалаан бэлэх ууммуттара. Иван Иванович түмэлбит ыалдьыттара сүрэхтэрин туппут маҥан былааттах “Вера” кыысчаан хартыынатын ааптара буолар. Аҕатын туйаҕын хатаран өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар элбэх пааматынньыктар скульптордара буолар. Кини айбыт уобарастара Алампа көмүс уҥуоҕар туллук-туллук доҕотторо дьон махталын ылаллар. Иван Иванович уруһуйдарыгар элбэх көлүөнэ ыччат иитиллэн тахсыбыта. 2021с. режиссер Любовь Борисова “Кэрэни көрбүт” уус-уран киинэҕэ сүбэһитэ, И.В.Попов уруһуйдарын киинэҕэ иккистээн тилиннэрбитэ. Кэлиҥҥи сылларга Иван Иванович тарбахха баттанар сэдэх идэлээх реставратор буолар. Элбэхтэн биири кэпсээтэххэ Амма улууһугар былыргы таҥара дьиэтин “Божья Матерь” иконата көстөн, И.И.Попов сөргүтэн биэрбитэ.
Убаастабыллаах Иван Иванович! Үбүлүөйдээх сылгынан итиитин истиҥник эҕэрдэлиибит. Эн үтүө киһи кэрэмэһэ , саха саарына Иван Васильевич Попов кэрэхсэбиллээх олоҕун утумнааҥҥын дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар суолун айымньылаах буоллуҥ. Санаабытын салаллан, Барҕалаабыт барҕаран истиҥ, Туппутун тупсан истиҥ!
Дьиэ кэргэҥҥэр толору дьолу, чиргэл доруобуйаны! Сардана Платоновна Ойунская алгыһын эйиэхэ аныыбыт:
“Баҕарабыт уран илии
Үйэлэргэ быстыбатын,
Баҕарабыт талаан тарбах
Үйэлээҕи айарын!!!
Дьоллоох буолуҥ,
Боппуоктар!”
“ТААТТА” түмэлин үлэһиттэрэ.
“Сатабыллаах дьиэ кэргэн” быыстапка арылынна
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Тааттабыт улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларынан Тааттабыт улууһун биир дэгиттэр талааннаах Людмила, Иван Кузьминнар “Сатабыллаах дьиэ кэргэн” диэн, бииртэн-биир көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктарынан быыстапкалара киин библиотекаҕа арылынна😍
Дьиэ кэргэн күн тэҥэ ийэлэрэ Людмила куйаар ситимин нөҥүө норуокка биллибитэ быданнаата🙌🏻
Бүгүн дойдубут дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһа мустан, илэ көрөн сөхтүлэр-махтайдылар.
Кэлбит ыалдьыттар туруорсууларынан Людмила кэлэр нэдиэлэ сэрэдэтигэр маастар кылаас ыытарын сөҥнөстүбүт 👏🏻👏🏻👏🏻
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Иван бүгүҥҥү күҥҥэ эр дьонтон саҕалаан, кэрэ аҥардар туттар малларын-салларын аҕалан туруоран, үлэтин хайысхатын билиһиннэрдэ, дьиэ кэргэн биир тэҥ дьарыктааҕын кэпсээн ыалдьыттар үөрүүлэрин үксэттэ👏🏻
Куруутун бастыҥ сүбэлээх, иһирэх ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ Анна Ивановна оҕолорун маҥнайгы быыстапкаларыттан астынан, Тааттабыт улууһун, нэһилиэгин салалталарыттан, култуурабыт тэрилтэлэриттэн эҕэрдэлэри истэн ОҔОЛОРУНАН киэн туттан астыммыт, дьолломмут харахтарынан көрөн олороро хас биирдии ыалдьыты долгута үөртэ👏🏻👏🏻