Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Тааттабыт улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларынан Тааттабыт улууһун биир дэгиттэр талааннаах Людмила, Иван Кузьминнар “Сатабыллаах дьиэ кэргэн” диэн, бииртэн-биир көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктарынан быыстапкалара киин библиотекаҕа арылынна😍
Дьиэ кэргэн күн тэҥэ ийэлэрэ Людмила куйаар ситимин нөҥүө норуокка биллибитэ быданнаата🙌🏻
Бүгүн дойдубут дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһа мустан, илэ көрөн сөхтүлэр-махтайдылар.
Кэлбит ыалдьыттар туруорсууларынан Людмила кэлэр нэдиэлэ сэрэдэтигэр маастар кылаас ыытарын сөҥнөстүбүт 👏🏻👏🏻👏🏻
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Иван бүгүҥҥү күҥҥэ эр дьонтон саҕалаан, кэрэ аҥардар туттар малларын-салларын аҕалан туруоран, үлэтин хайысхатын билиһиннэрдэ, дьиэ кэргэн биир тэҥ дьарыктааҕын кэпсээн ыалдьыттар үөрүүлэрин үксэттэ👏🏻
Куруутун бастыҥ сүбэлээх, иһирэх ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ Анна Ивановна оҕолорун маҥнайгы быыстапкаларыттан астынан, Тааттабыт улууһун, нэһилиэгин салалталарыттан, култуурабыт тэрилтэлэриттэн эҕэрдэлэри истэн ОҔОЛОРУНАН киэн туттан астыммыт, дьолломмут харахтарынан көрөн олороро хас биирдии ыалдьыты долгута үөртэ👏🏻👏🏻