Дойдуга политическай репрессия сиэртибэлэрин кэриэстиир күн.

 САССР норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов 1944 сыллаахха Аллараа Амматтан төрүттээх Григорий Данилович Федоров мэтириэтин суруйбута. Григорий Уус Амма элбэх оҕолоох Данил Константинович уонна Мотрена Степановна Федоровтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэммитэ. 1931-38сс. Нам оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1938 сыллаахха сымыйанан балыллан, хаайыыга утаарыллыбыта.Буруйа суоҕа дакаастанан, эргиллэн кэлэн Емельян Ярославскай аатынан «Саха музейыгар» история отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. И.В.Попов чугас доҕоро. Музейга үлэлиир кэмигэр 1941 сыллаахха от ыйыгар «Якутский музей имени Ем.Ярославского» диэн кинигэни бэчээттэппитэ. Григорий баара суоҕа 27 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Төрөппүттэрэ Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон кэскиллээх тылын ыланнар, билигин бу мэтириэт Чөркөөхтөөҕү политическай ссылка историятын кэрэһилиир музейга хараллар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *