2024 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сыла
Аатырбыт Эйнем табаарыстыба XIX — XX үйэ бастакы аҥарыгар Москуба куоракка минньигэһи оҥорон таһаарааччылартан биирдэстэрэ этэ. Кини төрүттээччитинэн Карл Эйнем диэн немец буолар. 1851 сыллаахха Москуба Арбатыгар лааппы арыйан үлэлэппитэ. Манна куһуох саахартан саҕалаан сакалааттары уонна аатырбыт Англия бэчиэнньэтин атыылыыллара. 1922с. тэрилтэ аата «Кыһыл Октябрь» («Красный Октябрь») диэн уларыйбыта. Ол да буоллар кэнники тахсыбыт атыы табаардарыгар «Бывш. Эйнем» диэн маарка аатын тутталлара.
Саха классик суруйааччыта, бөлүһүөгэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 95 сылыгар Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр (билиҥҥитэ «Таатта» түмэлэ) түмэлигэр Александра Паповна Заболоцкая бэлэхтээбит. 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кулаковскай биһигини кытта” быыстапка бочуоттаах ыалдьыттара Өксөкүлээх Өлөксөй сиэннэрэ Россия уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учуутала, Уус Алдан улууһун,Суотту, Тумул нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, “Святой Иннокентий” уордьан кавалера Раиса Реасовна уонна РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, “Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин”, «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайыннара Рива Реасовна Кулаковскаялар дьиэ кэргэн ытык малын туһунан: “Биһиги оҕо сырыттахпытына бу минньигэс иһитигэр, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут илин,кэлин кэбиһэр олус кичэллээхтик сууланан сылдьар буолара. Көрүөхтэн кэрэ бэйэлээх саха ууһа оҥорбут мааны оҥоһугун кыыс оҕо буоламмыт олус ымсыыра көрөрбүт, ардыгар кэтэн да көрөрбүт”,- диэн оҕо саастарын умнуллубат өйдөбүллэрин истиҥник ахтыбыттара.
Александра Постникова Таатта түмэлин фондаҕа үлэһитэ.