Попов Антон Моисеевич

Тыараһа нэһилиэгиттэн силистээх-мутуктаах  олоҥхоһут, тойуксут  Антон Моисеевич Попов туһунан сурукка тиһиллибит аҕыйаҕын кэриэтэ. Таатта  олоҥхоһуттарын үөрэтээччи, чинчийээччи, тарҕатааччы  СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа социальнай уонна педагогическай наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, педагогикаҕа наука хандьыдаата Екатерина Петровна Чехордуна  баай муспут матырыйаалыттан саҥа чопчулааһыннары билиһиннэрэбит. 

Антон Моисеевич Попов төрдүлэригэр Боотурускай улууһун кулубалара, кинээстэрэ уонна күүстээх дьоно үөскээбиттэрэ биллэр. Кини  1903 сыллаахха Боотурускай улууһун Тыараһа нэһилиэгин Арҕаа Түөйэ Ньуку Баалы сиригэр-уотугар төрөөбүт.

Антон Моисеевич 1930-1943сс. “Күөдүй” холкуоска үлэлээбит.  Аҕа дойду сэриитин сылларыгар  1944-46сс. Японияны  утары сэриигэ сылдьыбыт.  Сэрииттэн төннөн кэлэн, 1947с. В.И.Ленин аатынан холкуос туруу үлэһитэ.

Кини төһө да үөрэҕэ суох буоллар, төрөөбүт тыл сүөгэйэ-сүмэтэ, күүһэ иҥпит мааны тойуксута, олоҥхоһута эбит.  

Кини олоҥхотун истибит дьонтон: “…Олоҥхоһут айыы, абааһы бухатыырдарын ырыаларын араастаан куолаһын уларытан ыллыыра. Ордук абааһы бухатыырын ырыата тахсыылаахтык толоро”,-диэн Ю.Г.Турнин бэлиэтиир. 

А.М.Попов  1976 сыл муус устар 30 күнүгэр орто дойдуттан барбыта.”Таатта” түмэлин пуондатыгар олоҥхоһут, тойуксут  Антон Моисеевич Попов сырдык уобараһа – хаартыската хараллар.