САССР норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов 1910-14 сыллардаахха Санкт-Петербург куорат атыыһытыгар Е.И. Александерга тыһыынчаттан тахса саха омук култууратын сырдатар экспонаттары ыыппыта биллэр. Кини аҥардас хомуйуунан эрэ дьарыктамматаҕа, мал-сал туохха туттулларын суруйара, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэрэ. Эҥинэ бэйэлээх кэрэ ойуулаах-мандардаах экспонаттары ойуулаан, суолтатын кытта быһаарара.
Кини сүҥкэн кылаатын СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, биллиилээх журналист Д.В.Кустуров: “… Тус бэйэтэ сүүстэн тахса араас орнаменнарын айан хаалларбыта. Оттон орнаментика, оһуор-бичик түһэрии диэн – бу сахаҕа муоһу чочуйа, бэл көмүскэ уһана үөрэниэх иннинэ баһыламмыт ойуулуур-дьүһүннүүр искусство биир төрүт көрүҥэ буолар. Ол умнуллан барбытын кини сөргүппүтэ”, – диэн бэлиэтиир.
1922 сыллаахха Иван Васильевич сүүрбэ икки саастаах Фекла Егоровна Халыеваны кэргэн ылар. Бастакы кэргэниттэн Лукия Никитинаттан Фомаида диэн кыыстаахтара. Поповтар дьиэ кэргэн Ытык-Күөлгэ эһэлэрин Димитриан Дмитриевич Попов тиэргэнигэр олохсуйбуттара. Үйэлээх мастан туттуллубут саха балаҕаныгар биэс оҕону төрөтөн, ахтарыгар туруорбуттара. Кинилэр 23 сыл бииргэ олорон, нэһилиэккэ эрэ буолбакка улууска убаастанар ыаллар этэ.
Иван Васильевич олохтон туораабытын кэнниттэн, эһиилги сылыгар, кини огдообото Фекла Егоровна Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музейга көрүөхтэн кэрэ ойуулаах, ХХ үйэҕэ киэҥник тарҕаммыт «биэ эмийэ» оһуордаах биир атахтаах чороону кэриэс гына туттарар.