Кыайыыны уһансыбыт доҕоттор

    Биир дойдулаахпыт сахалартан соҕотох «Албан аат» уордьан толору кавалера Дмитрий Ананьевич Петров быйыл төрөөбүтэ 75 сааһын туолар. Аҕа дойду улуу сэриитигэр Европа дойдуларын босхолооһуҥҥа эдэркээн сержант Петров хорсун быһыыларын иһин «Албан аат» толору уордьанынан уонна алта махтал суругунан наҕараадаланар. Хорсун буойун сэрии кэмигэр снайперскай оскуолаҕа, танкодесантник-автоматчик курсугар үөрэнэр. Сэрии сындалҕаннаах кэмигэр кинини араас мындырдарга доҕотторо: Александр Ильич Клинков, Григорий Невкантьевич Пешков, Равиль Камаев уонна Михаил Краснов уһуйбуттарын туһунан ахтар. Эрдэ бэчээттэммит кинигэлэргэ доҕотторун аата уонна хантан сылдьаллара биллэр эбит буоллаҕына, быйыл икки доҕорун туһунан Иркусткай уобаластан материал хомулунна. Салгыы Григорий Пешков уонна Александр Клинков туһунан билсиэҕин.

 ПЕШКОВ Григорий Невкантьевич (23.02.1918-27.01.1989сс.) – Забайкальскай уобалас Урулюнгуй сэлиэнньэтигэр төрөөбүт, «Албан аат» уордьан толору кавалера, старшай сержант, отделение хамандыыра. Кыһыл Армияҕа 1940 сыллаахха ыҥырыллар. 65-ис танковай бригада автоматчиктар моторизованнай батальоннарын хамандыыра. Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, 1-кы Украинскай, 1-кы Белорусскай фроннарга кыттыбыта. «Албан аат» уордьанын Арҕаа Буг өрүһү туорааһыҥҥа, Висла-Одерскай уонна Берлины ылыы иһин кыргыһыыларга ылбыта. Григорий Невкантьевич сэрииттэн төрөөбүт Урулюнгуйугар эргиллэн Киров аатынан холкуоска техниканы өрөмүөннүүр мастерскойга пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ.
1969 сыллаахха Забайкальскай байыаннай уокурукка «Албан аат» уордьан толору кавалердарын чиэстээһин буолар. Ити кэмҥэ Д.Петров уола Ананий ити чааска сулууспалыыр кэмэ этэ. Бу долгутуулаах тэрээһиҥҥэ доҕордуулар Д.Петров уонна Г.Пешков үйэ чиэппэрэ буолан баран көрсөллөр. Ол туһунан, Д.Павлов «Үс төгүл албан ааттаах» поэматыгар:
                                                          … «Бэһиспит дьэ хаһан кэлиэҕэй?»
                                                                  Харахтар тас ааны кэтииллэр.
                                                              «Оо, Гриша! Хаһытаат Миитэрэй
                                                                Аан диэки харса суох дьүккүйэр.
                                                                        «Дима» утары даллайар
                                                                Таһыттан киирээччи Григорий.
                                                                  Геройдар куустуһан тураллар,
                                                                 Хайдахтаах көрсүһүү күүтэрий?!
   Петров иккис доҕорун туһунан материалы Иркутскай уобалас Заларинскайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей директора Галина Макагон ыыппыт материалыттан билсиэҕиҥ:

Александр эдьиийинээн Мариялыын

     КЛИНКОВ Александр Ильич 1925 сыллаахха Иркутскай уобалас Заларинскай оройуонун Танга сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. Кыһыл Армияҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллар. Соҕуруу, 3 Украинскай фроннарга, 1944 сыллаахтан 11 танковай корпус 65 танковай бригадатыгар автоматчик. Ефрейтор Клинков наҕараадаларын туһунан икки архыып докумуона баар. Бастакыта: «Ефрейтор Клинков 2 февраля 1945г. в боях за населенный пункт Треттин (Германия) проявляя мужество и героизм в боях с немецкими захватчиками, первым ворвался в населенный пункт, уничтожив 2 расчета с фаустами чем обеспечил продвижение танков и в рукопашной схватке уничтожил 10 немецких солдат. Достоен награждения орденом «Слава третьей степени». Командира МБА Майор Фридлейн».
     1945с. муус устар 29 күнүнээҕи докумуоҥҥа: «Рядовой Клинков А.И. участвуя в боях в составе Моторизованного батальона автоматчиков, 65 танковой Волноваховской Краснознаменной орд. Суворова корпуса. Находясь на командном пункте батальона в качестве разведчика, аккуратно и добросовестно относился к своим обязанностям. 22.04.1945г. в боях за за пригород Берлина Махтенберг. Проявляя мужество и бесстрашие в боях с немецкими захватчиками совместно с автоматчиками ворвался на окраины пригорода, завязал уличные бои, огнем из автомата уничтожил 4 немецких содат. Подполз к кирпичному дому, где засели фаустники противника, мешавшие продвижению нашим танкам, забросал их гранатами, где уничтожил 3 фаустников и обеспечивал продвижение танков. Достоен награждения орденом «Красная Звезда». Ити курдук 18 саастааҕар эдэркээн уол Польша сирин босхолооһуҥҥа үрдүк наҕарааданы ылар.
  Александр Ильич 1949с. дойдутугар эргиллэн кэлэр, өр кэмӨэ райсельхозтехника суоппарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Кини бииргэ төрөөбүт балта Мария Ильинична Нитяжук сэрии кэмигэр туруу үлэһит, хонууга тракториһынан үлэлээбит. Билигин Александр Ильич кыыһа Татьяна Братск куоракка олорор.
     Ити курдук, сэрии уодаһыннаах сыллара эдэр уолаттары сомоҕолоһуннаран, кыайыыга кынаттаабыта уонна кэнчээри ыччакка эйэлээх олоҕу түстээбитэ. Кыайыыны уһансыбыт улуу буойуттарбыт ааттарыгар сүгүрүйэр, кэнэҕиһин кэнчээри ыччакка ситими быспакка хорсун быһыылары тиэрдэр, биһиги ытык иэспитинэн буолар.

А.Постникова «Таатта» литературнай-художественнай музей фондатын үлэһитэ.