Мультимедийный проект “Ожившие картины”

Таалар налыы хонуулаах,
Талба нарын талахтаах,
Ыллыыр ымыы чыычаахтаах,
Ырыаһыт ыллам дьонноох
Таатта эбэ хотуҥҥа
Талбалаан үөскээбит
Ойуун ууһа удьуордаах
Ойуунускай оҕочоос
Суоһурҕанан олорон
Сурдурҕаччы суруйбут
«Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьуура хара аттаах
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн
Саас-үйэ тухары
Саха хаан аймаҕар,
Кэнчиэри ыччатыгар
Кэрэ кэпсээн буолар
Отут суол олоҥхоттон
Оҥоһуллубут олоҥхо.

П.А.Ойуунускай  «Дьулуруйар Ньургун Боотур»