Дьахталлартан бастакы суруйааччы.
Анна Денисовна Неустроева – талааннаах оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, фольклору чинчийээччи, журналист, общественнай деятель, саха дьахталларыттан бастакынан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, классик суруйааччы Н.Д. Неустроев бииргэ төрөөбүт балта Анна Денисовна Неустроева 1903 с. кулун тутар 3 күнүгэр Байаҕантай улууһун иккис Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1915 с. убайын Николай Неустроев көмөтүнэн Уолбаҕа тыа начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол туһунан Анна Денисовна ахтан суруйбута: «Урут, Октябрьскай революция иннинэ, саха кыыһын бэрт дэҥҥэ оскуолаҕа үөрэтэр этилэр. Мин убайым Николай Денисович Неустроев көмөтүнэн, төрөппүттэрбитин кини кутугунатан, көҕүлээн, оскуолаҕа киирбитим. Кини оччотооҕуга Дьокуускайдааҕы түөрт кылаастаах училещаҕа үөрэнэр этэ. Оскуолаҕа киириэхпэр диэри буукубаны барытын билэр, кыратык ааҕар этим, ону даҕаны ол убайым Дьокуускайтан сайыҥҥы сынньалаҥар кэлэ сылдьан үөрэтэрэ».
Оскуоланы бүтэрэн баран, Анна Денисовна 1923 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникум бэлэмнэнии курсугар киирбитэ. Куоракка киириэҕиттэн саҥа үөскээбит эдэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор акөхтөөхтүк кыттыбыта. 1924-27 сс. үлэһиттэр депутаттарын Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэтин дьахтар салаатыгар делегат этэ, 1925 с. Саха сирин дьахталларын маҥнайгы съеһигэр кыттыыны ылбыта.
1927 сыллаахха, доруобуйата мөлтөх буолан, А.Д. Неустроева үөрэҕин быраҕарга күһэллибитэ. 1927-28 сс. ликпууҥҥа уонна Дьокуускайдааҕы 4-с оскуолаҕа саха тылын учууталынан, 1929 с. Дьокуускайга оҕо уһуйаанын салайааччытынан үлэлээбитэ. 1930 с. учууталлары кытта Москваҕа командировкаҕа бара сылдьыбыта. 1931-33 сс. «Холбоско» деловод – тылбаасчытынан, 1933-36 сс. Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар уус – уран литература отделын редакторын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. 1934 с. Саха суруйааччыларын бастакы съеһыгар кыттыыны ылбыта.
Анна Денисовна күн сирин көрбүт бастакы айымньыларынан кини ыстатыйалара буолаллар. Ол курдук, 1925-30 сс. «Кыымҥа» тыа сирин дьахталларын үлэтин-хамнаһын, оҕо саадын, сэллик диспансерын туһунан ыстатыйалара бэчээттэмиттэрэ.
А.Д. Неустроева оҕолорго анаан суруйбут айымньыларыттан саамай биллибитэ «Тиргэһиттэр» диэн кэпсээн 1938 с. «Хотугу сулуска» бэчээттэммитэ, киэҥ биһирэбили ылан, хрестоматийнай айымньы быһыытынан үөрэх кинигэлэригэр киирбитэ.
20-с сыллардаахтан Анна Денисовна нуучча уонна атын омуктар литератураларын оҕолорго аналлаах бастыҥ айымньыларын сахалыы тылбаастааһынынан дьарыктаммыта. 1930, 1945 сылларга кыра саастаах ааҕааччыларга анаан икки тылбаас кинигэтин бэчээттэтэн таһаарбыта. Бу кинигэлэргэ Мамин – Сибиряк «Эриэн Моой, А.Фич-Перкинс «Миини уонна Муонни, «Кыра голландецтар», Д. Амичис «Чичииллэ», С.Вьюгов «Собуонньут Меруескэ, Быкова «Табыллыбатах булуу» айымньылар тылбаастара киирбиттэрэ.
Талааннаах оҕо суруйааччыта А.Д. Неустроева туһунан норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординов иһирэхтик ахтыбыта: «А.Д. Неустроева саха уус-уран литературатыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт суруйааччы буолар… Анна Денисовна оҕо суруйааччытын быһыытынан киэҥ сэҥээриини, биһирэбили ылбыта. Кини айымньылара саха норуотун сүрдээх тупсаҕайдык ойуулаан көрдөрөр тылынан суруллубуттар».
Анна Денисовна норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы быһыытынан киэҥник биллэр. Холобур, олоҥхоһут М.Т. Шараборин-Кумаарап «Уоттаах болот оонньуулаах Улуу Даарын бухатыыр» диэн олоҥхотун «Хотугу Сулуска» 1941 с. суруйан бэчээттэппитэ. Онтон Платон Семенов хоһооннорун 1943 с. эмиэ «Хотугу Сулуска» туспа кинигэнэн бэчээттэппитэ. 1945 с. таһаартарбыт «Кырдьык кыайар» диэн кинигэтигэр С.А. Зверев –Кыыл Уолун, Н. И. Степанов, И.И. Бурнашев – Тоҥ Суорун, П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ, Е.М. Федоров, П.С. Семенов айымньылара киирбиттэрэ.
Анна Денисовна Неустроева П. А. Ойуунускай тэрийбит Тыл уонна литература институтугар бииргэ үлэлээбитэ, онон биир идэлээхтэр быһыытынан чугастык билсэллэрэ, дьиэ кэргэнинэн ыкса доҕордоһоллоро. Кини биллиилээх ученай Г. П. Башарины кытта убайын Н.Д. Неустроев архыыбын үөрэппиттэрэ, чинчийбиттэрэ. Онон классик суруйааччы литературнай нэһилиэстибэтэ чөкөтүллүбүтэ. А.Д. Неустроева саха айар ыччата үүнэригэр-сайдарыгар улахан баҕалааҕа, ол курдук аймаҕа, балта ССРС норуодунай артыыската Анна Ивановна Егорова ырыаһыт буолуутугар быһаччы сабыдыаллаабыта, көмөлөспүтэ.
Анна Денисовна саха дьахталларыттан биир туспа, ураты идэлээҕэ. Ол кини сааһыта этэ. 1942 с. биллиилээх суруйааччы В.А. Протодьяконовы кытта Кэҥкэмэ үрэҕэр куобах күрэҕэр сылдьан бэргэн ытааччы буоларын көрдөрбүт. Убайын Николай Денисовиһы кытта булка тэҥҥэ сылдьара, кустуурун сөбүлүүрэ. Бу туһунан Анна Денисовна иһирэхтик ахтар: «Биһиги аҕабыт сүрдээх булчут киһи этэ. Онон убайым эмиэ куска куобахха, туу, муҥха балыгар бэрт булчут этэ. Бултуу барарыгар миигин туой илдьэ барара. Саас кус кэлиитигэр, хаар уута халыйбыт налыытыгар дурда оҥостон, мончуук анньынан сытарбыт. Саанан ытарга миигин кини үөрэппитэ…». Ол да иһин Анна Денисовна оҕолорго булт туһунан олус кэрэхсэбиллээх кэпсээни суруйдаҕа.
Чугас хаан-уруу аймахтарыттан Федора Денисовна Егорова Денис Петрович уонна Ксения Петровна Неустроевтар алта оҕолоруттан ыал буолан оҕо-уруу хаалларбыт соҕотох ыччаттара этэ. Кини кыыһын Линаны 1932 с. Анна Денисовна кэргэнинээн Иван Дмитриевич Балановтыын иитэ ылбыттара. Акулина Михайловна:«…Маҕаһыынтан миэхэ барабаан атыыласпыттара, ону олбуор аттыгар олорон соҕотоҕун охсон оонньуурум. Сарсыарда аайы чэй эрдэ туруораллара. Ийэм кэриэһэ диэн, сылабаарын билиҥҥэ диэри кэриэс гынан илдьэ сылдьабын. Дьонум аах миигин сайын аайы «Кыһыл Якутия» санаторийга биэрэллэрэ. Мин кинилэр истиҥ сыһыаннарынан угуттанан улааппытым», – диэн истиҥник ахтар. Акулина Михайловна 2004 с. сайын Тааттаҕа тахса сылдьан «Таатта» музейга ыалдьыттаабыта, сэдэх экспонаттары бэлэхтээбитэ. Ол курдук, суруйааччы бэйэтин дьиэтээҕи библиотекатыттан кэлин народнай суруйааччы буолбут В.М. Новиков Анна Денисовнаҕа 1939 с. бэлэхтээбит «Ырыалар. хоһооннор, тылбаастар уонна поэмалар», «Ийэ дойду иһин, Сталин иһин!» (1941 с.), Эллэй «Һөрүү» (1943), Ст. Ефремов «Хардыылар» (1938), А.Д.Неустроева 1945 с. бэйэтэ хомуйан таһаартарбыт «Кырдьык кыайар» диэн кинигэлэрин, сылабаарын биэрбитэ. Ииппит ийэтэ Анна Денисовна олохтон эрдэ туораабытын кэннэ кини уонна убайа Николай Денисович архивтара Акулина Михайловна илиитигэр хаалбыттара. Бу архивы кини тутан, харайан сытыаран баран, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музейга туттарбыта.
Акулина Михайловна Неустроева бүтүн саха норуотугар сүҥкэн үтүөтэ диэн кини Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллегенциятыгар суругун» дьиҥнээх куоппуйатын муҥутуур өр кэмҥэ бычыгыраппакка. Харайан, уура сылдьан баран, судаарыстыба бигэ илиитигэр туттарбыта буолар. Ити барыта чахчы да хорсун, патриоттуу быһыы курдук сыаналанар.
Талааннаах суруйааччы А.Д. Неустроева уһун, ыарахан ыарыы кэнниттэн 1947 с. сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга 44 сааһыгар өлбүтэ. Николай, Анна Неустроевтар уонна кинилэр төрөппүттэрин Ксения Петровна уонна Денис Петрович уҥуохтара үрэллибитин, суох буолбутун кэннэ, 2001 с. бэс ыйын 15 күнүгэр Дьокуускайга Ньукуола таҥаратын дьиэтин тиэргэнигэр, Николай Неустроев ийэтин кытта көмүллүбүт сиригэр, кинилэргэ төрдүөннэригэр анаммыт, мрамор уонна гранит таастан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк мэҥэ таас туруоруллубута.
2003 с. суруйааччы 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, «Тиргэһиттэр» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Анна Денисовна үтүө – сырдык аатыгар төрөөбүт норуота үйэлэргэ сүгүрүйэр, кинини үтүө – мааны тылынан ахтар.
Хаартыскаларга сурук:
1. Анна Денисовна Неустроева.
2. Педтехникум студеннара.
3. А.Д.Неустроева уонна А.Павлова.
4. Үс Ааналар: САССР үтүөлээх учуутала А.В.Хоноехова, суруйааччы А.Д.Неустроева уонна кини балтыта САССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыската А.И.Егорова.