Гавриил Гаврильевич Петров.
СӨ норуодунай худуоһунньуга, үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы фонда стипендиата, «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» муниципальнай бэлиэнэн наҕараадаламмыта.1999 сыллаахтан Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ.
Кини 1949 сыллаахха ахсынньы 28 күнүгэр САССР норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов төрөппүт кыыһа Елена Ивановна уонна сэрии бэтэрээнэ Гаврил Егорович Петровтар дьиэ кэргэнигэр Ытык Күөлгэ төрөөбүтэ. Оскуолатааҕы сыллара Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыта.
Гавриил Гаврильевич 1970 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, 1989 сыллаахха Хотугулуу-илиҥҥи искусство институтун живопись салаатын бүтэрбитэ. Ити сылтан Намнааҕы педагогическай училищеҕа өр сылларга уһуйааччынан үлэлээбитэ. Хас да көлүөнэ кэскиллээх худуоһунньуктары, учууталлары уһуйбута.
2010 сыллаахха журналист Иван Борисов «Охота и рыбалка в Якутии» передачатын Х сыллаах үбүлүөйдээх «Охота и искусство» биэриитин ыалдьыта.
2022 сыллаахха кини эһэтин Саха сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, САССР норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов туһунан «Кэрэни көрбүт» уус-уран киинэҕэ сүҥкэн өҥөлөөх.
2021-2022сс. төрөөбүт Тааттатыгар,эһэтин балаҕаныгар маастар-кылаастары иилээн-саҕалаан ыыппыта.
Кэрэни хоһуйар талааннаах худуоһунньук айгыр силик айылҕа көстүүлэрин, аныгы олох тэтимин, ардыгар булт-алт тиэмэтигэр, историческэй мэтириэттэри холустаҕа түһэрэр. Кини айымньылара өрөспүүбүлүкэтээҕи, регионнааҕы, зонатааҕы быыстапкаларга турбута, тас дойдуларга Норвегияҕа, Венгрияҕа, Кытайга тиийэ биллэллэр.
Сүрүн үлэлэрэ: «Художник и муза» (1990), «Поколения.Портрет бабушки» (1991),«Ожидание. Портрет матери», «Победитель.Портрет отца», «Картофельное поле» (1994),«Пасмурно» (1995),«Солнце Севера» (1996),«Сенокос», «Полдень», «Кочки», «Сентябрь» (1997),«Весна» (1998),«Река Амга» (1999), «Купальшицы», «Воскресенье», «Автопортрет» (2000), «Речка Кэнкэмэ» (2002), «Саха саарыннара» (2018?), «Портрет А.Е.Кулаковского» (2018).
Графикаҕа үлэлэрэ: «Туйахтар табыгырас тыастара… » (Дробный стук копыт…).Б., тушь,перо, 2000
Өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкалар: «Кыайыы 50 сыла» (1995, Дьокуускай), «Стиль и время» (1999, Дьокуускай), «60 лет Союзу художников» (2002, Дьокуускай), «Удьуор харалы талаан» И.В.Попов, И.И.Попов, Г.Г.Петров айар быыстапкалара (2019, Таатта), «Современное искусство Саха – Якутия» (2023,Хаҥалас).
Регионнааҕы быыстапкалар: Урал-Арҕаа Сибирь педагогическай училищеларын уһуйааччыларын быыстапкалара (1991с. Пермь, 1995с. Златоуст); IV регионнар икки ардыларынааҕы «Урал, Сибирь, Дальний Восток» (2020, Челябинск).
Зонатааҕы быыстапкалар: «Советский Дальний Восток» (1990, Дьокуускай), «Дальний Восток» (2003, Хабаровск);
Тус быыстапкалара: 2000с. Дьокуускай, Нам улууһа, 2015с. «Үргэл» галерея, 2017с. Таатта, Хартыына галереята, 2018с. Таатта, «Таатта» түмэлэ.
Литература:
- Художники Якутии. Якутск, стр.67.