Сардана Платоновна Ойунская

 

(06.09.1934—13.07.2007) 

     Сардана Платоновна Ойунская — фольклорист, литературовед, суруйааччы, общественнай деятель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, филологическай наука кандидата, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, СО Духуобунаһын академиятын академига, Таатта уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина. 

 

П.А.Ойунускай биир дойдулаахтарын кытта. Москва. 19.01.1932с.

Биһиги аҕабыт 

    Аҕам тыыннааҕар (30-ус сылларга) биһиги олорбут дьиэбит билигин музей-квартира буолан турар. Аҕабыт хоһо кини саҥардыыҥыта тахсан барбытын санатардыы хомуллубут. Аан аһылыннаҕына, кини киирэн кэлиэх курдук… Мин улаханнык долгуйан туран аҕам кириэһилэтин көрөбүн уонна оҕо сааһым үтүө күннэрин санаан кэлэбин…

“Кэтэһиилээх күн”

     Аҕабыт үлэлиир.Биһиги, үс аҕас-балыстыылар, аҕабыт хоһун ааныгар уочаратынан “манабылга” турабыт. Кини хаһан үлэлээн бүтэрин кэтэһэбит… Тиһэҕэр, тулуйбакка, ситэ сабыллыбатах аан хайаҕаһынан одуулаһабыт: аллараа – мин,ортоку Лаана, оттон үөһэ – Муся. Эдьиийдэрим миэхэ саба түһэннэр,охтоммун, мин хаһыы бөҕөтүн түһэрэбин. Кэтэһиилээх аан тэлэччи аһыллар. Ураа! Биһиги аҕабыт хоһугар баар буолабыт. 

 Сардана Ойунская. Чуораанчык. 1988.-№11.

1990с. Сардана Платоновна Таатта музейыгар бэлэхтээбит күндү мала.

  Сардана Платоновна төрөппүттэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай уонна Акулина Николаевна Борисова  1930 сыллаахха холбоспуттара.  1931 сыллаахха  Платон Алексеевич Москваҕа аспирантураҕа киирэр.  

 

 

Лааны кыыс –  Саргылаана

Сүрэх-быар манньыйыах,
Сүрдээхтик убайыах
Татыйык ыллыыра, тапталын туойара,
Тардара-кутара, сүрэҕин туотара…
Мин оҕом  – Лаанык кыыс,
Туллук кыыс, туорах кыыс,
Мин чыычам,
Мин куукам,
Ылларан,таптатан,ымаҥныыр-далластыыр,
Ытыһа-тарбаҕа туллуктуу тарыптыыр…

  П.А.Ойуунускай
Татыйык ыллыыра. 
                                                        1932с. муус устар 13 күнэ, Ялта.

 

Кэргэнинээн Акулина Николаевналыын, кыргыттарынаан
Саргылааналыын уонна Сарданалыын.

Бу уоттаах бакаалы

Саҥа дьыл аатыгар,
Саҥа кыыс дьолугар
Бу уоттаах бакаалы,
Бу төлөн тапталы –
Көтөҕүөх, көмүһүөм!
Көтөҕүөх, Өкүүчэм!

Хаппытаал алдьанан,
Хара күүс кыаттаран –
Үрүҥ күн анныгар,
Үрдүк дьол аатыгар
Үс саха үөскүөҕэ,
Үүнүөҕэ-үрдүөҕэ…

Күөх туйгун сирэми –
Бу сири таптыыбын,
Күлбэхтиир дьирими –
Бу күнү ыллыыбын…

Үс саха төрүөҕэр,
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…

Түөрт оҕом ийэтээ!
Түөрт кутум илгэтээ!
Бу уоттаах бакаалы,
Бу ттөлөн тапталы –
Көтөҕүөх, көмүһүөм!
Көтөҕүөх, Өкүүчэм!

Илбистээх тылланан,
Имэҥнээх дьайданан,
Эйигин кууһаммын,
Эйигин уурааммын
Мин тойук туойарым,
Мин хомус тардарым…

Ол сүрэх үөрбүтэ,
Ол күммүт күлбүтэ
Өр буоллаа, Өкүүчэм?
Өр буоллаа, көмүһүөм?

Көмүһүөм, үөрэбин!
Көрөбүн, күлэбин:
Түөрт оҕом ымаҥныыр,
Түөрт күнүм тырымныыр…

Саҥа дьыл аатыгар,
Саҥа күн дьолугар
Бу уоттаах бакаалы,
Бу төлөн тапталы –
Көтөҕүөх, көмүһүөм!
Көтөҕүөх, Өкүүчээм!

Удьуорбут ууһуоҕа,
Уруйдуу туруоҕа…
Кэриэс кэм кэскиллээх,
Кэрэх, бэл, үйэлээх!

Биир өлөн сүтүөҕэ,
Биир үөскээн төрүөҕэ…
Ким күнэ тахсыбыт,
Ким кэриэс хаалларбыт –
Сааскы күн буолуохтаах,
Саргылыы туруохтаах…

Бу уоттаах бакаалы,
Бу төлөн тапталы –
Көтөҕүөх, көмүһүөм!
Көтөҕүөх, Өкүүчэм!

                                                                            П.А.Ойуунускай
30/ХII–1936 с.

 

   .. Поэт амарах аҕа, сылаас холумтаннаах ньир-бааччы ыал хаһаайына этэ. Бу хоһоону кини истиҥ-чугас Өкүүчэтигэр -кэргэнигэр Акулина Николаевна Борисова-Ойунскаяҕа (1906-1974) анаабыт. Хоһоон суруллар кэмигэр Ойуунускайдар түөрт оҕолоохторо: Мария (1926с. төрүөх, Ойуунускай иитийэх кыыһа), Саргылаана (1931с. төр.), Сардана (1934с.төр.), Октябрина (1936с.  алтынньытыгар төрөөбүт, алта ыйдааҕар ыалдьан өлбүт). Бу – поэт дьоллоох дьиэ-кэргэн  дьонун кытта  саҥа дьылы тиһэх көрсүһүүтэ, 1937с. бүтүүтүгэр ССРС Верховнай Советын  сессиятыгар баран, онтон төннүбэтэҕэ… Хоһоон “Кыым” хаһыакка 1937с. кулун тутар 23 күнүгэр бэчээттэммитэ…

                                                           С.П.Ойунская, ф.н.к., СӨ НА ГЧИ научнай үлэһитэ. 
Ойуунускай Былатыан. Талыллыбыт айымньылар хомуурунньуктара.-Дьокуускай: Бичик, 2005.-309с.

 

П.А.Ойуунускай түрмэҕэ

    …Аҕам 1937 сыллаахха ССРС Верховнай Советын депутатынан талыллар. Саҥа дьыл иннинэ Москваҕа сессияҕа барар. Кини дьиэбит боруогун бүтэһик атыллаан тахсарын саҕана үспүн эрэ ааһан эрэр оҕо этим. Оттон 1938 сыл алдьархайа кэлэр. Олунньу 4 күнүгэр сессияттан төннө иһэн Иркутскайга тутуллар. Төттөрү Москваҕа Бутырка түрмэтигэр быраҕыллар. Төрүт сөтөл киһи процесс баран уонна оччотооҕу ежовщина кытаанах систематыгар кырбаныыттан-муҥнаныыттан сыккырыыр тыына эрэ хаалан, көрдөһөн манна Дьокуускай хаайыытыгар кэлэн өлбүтэ.Кырамтата ханна сытара баччааҥҥа диэри биллибэт…”.

 

Сардаана Ойунская

… 1954 сыл соҕуруу медицинскэй институкка бараары, Дьокуускайга экзменнарбын барытын үчүгэйдик туттарбытым кэннэ, партия обкомун  секретара А.И.Захаровтыын кэпсэппиппит, киһим малтаччы: “Эйигин үөрэххэ ыыппаппыт”,-диэн  саайда. “Оннооҕор буолуох хаста да проваллаабыттары  хос-хос туттартаран ыытаҕыт…”-диэтим наһаа абаран… Эмискэччи  төлө биэрдим: “Норуот өстөөҕүн кыыһа диэн дуо?! Захаров кулук-халык туттар: “Мин инньэ диэбэтим ээ…” Бүттэҕим ол… Биһиги кини оҕолоро,аҕабыт араспаанньатыттан хаһан да аккаастамматахпыт… Сир-дойду хараҕым уутугар бүөлэнэн, доруобуйа харыстабылын министри солбуйааччытыгар Петр Егорович Кулаковскайы көрсөммүн, үтүө киһи бэрт наҕыллык сүбэлээн-амалаан уоскутта: “Степан Аржаков уолун, үчүгэйдик үөрэнэр оҕону, үҥсэннэр эстэрдилэр. Эн үөрэнэр сиргэр тиийэ да иликкинэ, мантан хара ньоҕой үҥсүү кыыгынаан тиийиэҕэ,хаҕылыйбыт сүрэҕиҥ бааһын эмиэ тырыта-хайыта тыытан муҥнуохтара. Кэбис, кыратык күүтэ түһүөххэ, күн -дьыл сымныах курдук”. Ыллыктаах тылы ылынан, эһиилигэр син үөрэххэ киирэн Новосибирскайдаатым”.

     Сол дьыл бүтүүтэ Лаанаттан үөрүү-көтүү, дьол-соргу кыымнарынан ыһыахтанар телеграмма кэлбэт дуо?  Бу телеграмманы тутан баран, атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрбүтүм…

                                                Ойунская С.П. Аҕам сырдык аата: Поэмалар, эссе, ыстатыйалар уонна ахтыылар./Худ. И.Н.Жергин.-Дьокуускай: Бичик,1999.-129с.

 

     Сардана Платоновна дойдутугар төннөн кэлэн, 1957 сыллаахха СГУ нуучча тылын салаатыгар үөрэнэ киирэр.  1962 сылтан  университеты бүтэриэҕиттэн, аҕата П.А. Ойуунускай тэрийбит Гуманитарнай чинчийии институтугар айымньылаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. 

     Биллиилээх фольклорист Г.У. Эргис уонна Н.В. Емельянов салайыыларынан «Саха таабырыннара» (1975 с.), «Саха норуотун  ырыалара-тойуктара» (1982 с.), «Саха остуоруйалара» диэн икки тылынан (1976, 1977, 1980 сс.) тахсыбыт хомуурунньуктар бэчээттэниилэригэр быһаччы кыттыыны ылбыта. 1986 сыллаахха Алма-Ата куоракка биллиилээх фольклорист Б.Н. Путилов салалтатынан «Саха норуотун таабырыннара» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. 

  Гуманитарнай чинчийии институтун иһинэн П.А. Ойуунускай суруйан хаалларбыт айымньыларын хомуйар, үорэтэр уонна бэчээккэ бэлэмниир сыалтан институт дириэктэрэ, профессор В.Н.Иванов салайыытынан анал фонда тэриллибитэ. 1988 сыллаахха литература уонна  искусство отделыгар көспүтэ. Олоҕун сүүрбэччэ сылын салайааччытын быһыытынан үлэлээбитэ. Сардана Платоновна иилээһининэн-саҕалааһынынан П.А. Ойуунускай айымньыларын 3 туомнаах хомуурунньуга, фольклорист П.Н. Дмитриевтыын П.А. Ойуунускай аар саарга аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхото тахсыбыта. «П.А. Ойуунускай уонна саха театра», «П.А. Ойунский – директор научно-исследовательского института языка и культуры при СНК ЯАССР (1935-1937гг.)» диэн кинигэни историческай наука кандидата Р.В. Шелеховалыын институт 70 сылын көрсө таһаартарбыттара. Сардана Платоновна П.А. Ойуунускай «Саха тыла уонна кини сайдар суола», «Русско-якутский термино-орфографический словарь» диэн научнай бэрт кэрэхсэбиллээх үлэлэрин бэлэмнээн бэчээттэппитэ. «Мин аатым ааттаныа…» хомуурунньук күн сирин көрбүтэ. 1992 сыллаахха Санкт-Петербурга тахсыбыт «Якутские народные сказки. Специфика жанра» диэн монографията фольклористикаҕа сэдэх уонна академическай таһымнаах үлэнэн ааҕыллар.

Кэргэнэ Сергей Петрович, оҕолоро Платон уонна Маша.
Олороллор: Сардана Платоновна, Платон, Сергей Петрович. Тураллар: Мария уонна Лина. Дьокуускай,1987с.
     Тааттаҕа П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 90                          сыллаах үбүлүөйүгэр.

 

      Күндү биир дойдулаахтарбытыгар, аймах-билэ дьоннорбутугар, Таатта кэнчээри ыччатыгар-көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыбатын диэн алҕаан туран, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үйэ аҥара харах харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыт кинигэбитин бэлэхтиибит.

Ытыктабылы кытта: Саргылана, Сардана уонна сиэн оҕолор: Платон, Мария, Лина. 12.04.90. Якутскай к.

 

  “Наш Национальный Комитет выступил с инициативой о внесении даты юбилея 100-летия классика якутской литературы, видного общественного и политического деятеля Платона Алексеевича Ойунского в Календарь знаменательных дат ЮНЕСКО. В республике эта дата была отмечена как крупнейшее событие  в общественной и культурной жизни Якутии, а в декабре 1993 г. в штаб-квартире ЮНЕСКО в Париже прошел торжественный вечер, посвященный 100-летию со дня рождения Платона Ойунского. На празднике, как отмечали парижские средства массовой информации, присутствовало около трех тысяч человек. Это был триумф якутской литературы”. 

                                                                                                                                        М.Е.Николаев

Ойунская С.П. Аҕам сырдык аата:
Поэмалар, эссе, ыстатыйалар уонна хатыылар.
/Худ. И.Н.Жергин.-Дьокуускай: Бичик,1999.-34с.

       Сардана Платоновна П.А.Ойуунускайга аналлаах                          ЮНЕСКО конференциятыгар. Париж,                           1993 сыл.
Сардана Платоновна уонна аймахтара П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылыгар                                  Тааттаҕа айан

 

Суруйааччы Е.В.Слепцова-Куорсуннаах архыыбыттан.2003с.

 

      Сардана Платоновна улуу киһи оҕото буолар эппиэтинэһин, ытык иэһин чиэстээхтик толорбута, бу хайысханан өссө элбэхтик үлэлиир баҕалаах сылдьан бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Норуот Сардаана Платоновнаны ытыктыыра, таптыыра – онуоха улахан учуонай, суруйааччы уонна общественнай деятель, П.А.Ойуунускай общественнай фондатын бэрэссэдээтэлин быһыытынан сыаналаан эрэ буолбатах, кини төрөөбүт норуотугар уонна литературатыгар чиэстээхтик сулууспалаабытын, ону тэҥэ үрдүк култууралаах, бары өттүнэн сайдыылаах, көнө, ыраас дууһалаах киһи буоларын билинии буолар.