Сивцев Дмитрий Кононович – Суорун Омоллоон

    Саха народнай суруйааччыта, Үлэ геройа Дмитрий Кононович Сивцев- Суорун Омоллоон 1906с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Боотурускай улуус III-үс Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сахалар былыргы үгэстэринэн ийэтин иһиттэн окко түспүт иэримэ дьиэтин турар алааһа – «Ойуун күөлэ» Таатта үрэхтэн баара – суоҕа икки биэрэстэ.
   1919с. Дмитрий аҕата эмискэ ыалдьан өлбүтэ, онон аһыыр- таҥнар кыһалҕатыгар ылларан, 6 кылааһы бүтэрээт, оскуолаттан уурайбыта. Ол сылларга 13-тээх уол, ыарыһах ийэтиниин иккиэйэҕин хаалан, олох ыарын-муҥун барытын билбитэ. Ити эрээри уол үлэ – хамнас быыһыгар, көмүлүөк оһох сырдыгар кинигэни умсугуйан ааҕара. Нуучча поэзиятын генийэ Пушкин уонна улуу драматург Шекспир айымньыларын ааҕан ити кэмҥэ айар илбис күүһүн сөхпүтэ.
     Суорун Омоллоон бастакы айымньыта 1926с. «Чолбон» сурунаалга кини Н.В.Гоголь «Днеприн» сабыдыалынан суруйбут «Өлүөнэ өрүс» диэн кэпсээнэ тахсыбыта. Дмитрий Кононович бастакы айымньыта күн сиригэр алҕанан тахсыбыт киһитинэн “Чолбон” сурунаал редакторынан үлэлии олорор Анемподист Иванович Софроновы,оттон “Чолбон” сурунаал бастакы үөрүүнү биэрбит күндү сурунаалынан ааҕар. Эһиилигэр 1927 сыллаахха үс кэпсээнэ “Охоноон”, “Аанчык”, “Сордоох суха” утуу-субуу бэчээттэммиттэрэ.
    Уус – уран литература жанрыгар ситиһиилээхтик үлэлээн, Дмитрий Кононович кэпсээнньит, хоһоонньут, драматург, оҕо суруйааччытын, либреттист, публицист быһытынан киэҥник биһирэммитэ. Ол эрээри суруйааччы айар талаана драматургияҕа ордук сайдан сиппитэ- хоппута. Суруйааччы бу жанрга аан – маҥнай куоракка киирдэҕин утаа «Олох очура» диэн комедиянан холонон көрбүт. Ону 1923с. үөрэнээччилэр оскуола сценатыгар туруора сылдьыбыттар. Кини «Күөх көппөнү» 20 саастааҕар, элбэх мөккүөрү, кэпсэтиини таһаарбыт драматын «Күкүр Ууһу» эмиэ эдэр сылдьан бастакы варианын 1932с суруйбута. 1934 с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр Москваҕа советскай суруйааччылар Бүтүн Союзтааҕы бастакы съезтэрэ аһыллыбыта. Ол съезкэ кини «Күкүр Ууһа» (оччолорго драма бастакы аата «Уһаарыллыы» диэн этэ) үрдүк трибунаттан ахтыллар чиэскэ тиксибитэ.
1. Кини драматын сүрүн геройунан Максим Горькай баҕарарын курдук улэ киһитэ Күкүр Уус буолбута.
2. Саҥа үйэ дьоннорун Дьууру, Күннэйи, Буойаны, Сыкынаны суруйааччы көрөөччүлэр кэрэхсииллэрин курдук чаҕылхайдык ойуулаабыта.
3. Драма сүрүн геройун 70 саастаах Күкүр Уус кытаанахтык да буоллар норуот былааһын кыһатыгар уҮаарыллан, советскай киһи быһыытынан дьиҥнээхтик буһан- хатан тахсыбыта.
   Суруйааччы «Күкүр Ууһа» – саха советскай драматургиятын биир бастыҥ айымньыта буолар. Кини айар үлэтигэр «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара биир ойуччу миэстэҕэ тураллар. Маны сэргэ кыра кээмэйдээх пьесалара: «Киһини туох киэргэтэрэ», «Эгэлгэлээх эриэнньит», «Сатыыбын диэн сатайбыт», «Көҥдөй сэлээппэ» дьон – сэргэ биһирэбилин ылбыттара. Кини национальнай литература сүһүөҕэр туруутун саҕаланыаҕыттан баара, Саха сирин суруйааччыларын союһун тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ.
   Фронт уонна тыыл биир кэлимник үлэлээһиннэрин хааччыйар туһуттан 1944с. бэс ыйыгар суруйааччылар Суорун Омоллоон уонна С.С.Васильев – Борогонскай партия обкома тэрийбит делегацияларын састаабыгар киирэннэр I Украинскай фроҥҥа сылдьыбаттара. Сэрии хонуутугар тиийэн элбэх үлэни ыыппыттар: дакылаат ааҕаллар, Саха сиригэр тыылга үлэ күүскэ бара турарын сырдаталлар, фронтовиктар дьиэ кэргэттэрин кэпсииллэр, байыаннай очеркалары, ыстатыйалары суруйаллар, хоһооннору айаллар. Фроҥҥа сырыыларын туһунан “Звезда Советов”, “За победу” байыаннай хаһыаттарга сырдатыллар.

   Дмитрий Кононович олоҕун устата үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтотун уурбута. Кини үөрэх учебниктарын уонна пособиеларын, “Саха фольклора” хрестоматия, “Саха остуоруйалара” хомуурунньук автордара. Билигин туттулла сылдьар “Букубаар” хос автора. Педагогическай наука уобалаһыгар үтүөлэрин иһин Суорун Омоллоон К.Д.Ушинскай мэтээлинэн, 1985 сыллаахха НХСКБ кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үөрэхтээһин уонна иитии үрдүк культураларын сайыннарыы, байытыы, саха литературатыгар саҥа учебниктары, хрестоматиялары оҥоруу иһин дьулуспута.

   Суорун Омоллоон оҕо сааһыттан олоҥхоһуттары, норуот ырыаһыттарын истэн улааппыт буолан, бастакы улахан драматыгар национальнай эпос үгэстэрэ көстөр.
   Платон Ойуунускай бэйэтин кэмигэр элбэх утарсыыны көрсүбүт үйэлээх үлэтин салҕаан Суорун Омоллоон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону сценическай искусство сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн, өрөгөйдөөх музыкальнай драма тексэ оҥорон суруйбута. Бу айымньыны 1957 с. Москваҕа буолбут Саха литературатын уонна искусствотын биэчэрдэригэр үрдүк ирдэбиллээх көрөөччүлэрэ биһирээбиттэрэ. Онтон бүгүн Саха норуотун чулуу айымньыта Олонхо ЮНЕСКО билиниитинэн бүтүн аан дойдуга биллэн аатырда, сураҕырда.
     Дмитрий Кононович «Лоокуут уонна Ньургуһун», «Иирбит Ньукуус» опералар, «Сир симэҕэ», «Хотойдор хоту көтөллөр», «Дьол тааһа», «Абакаяда» балеттар либреттоларын айыталаан саха музыкальнай, хореографическай искусствота сайдыытыгар саҥа саҕахтары аһарга кыах биэрбитэ.
  Суорун Омоллоон оҕо таптыыр суруйааччыта. «Чөөчө», «Чүөчээски», «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», «Күөрэгэй уйата» диэн айымньылара оҕо аймах биһирээн ааҕар кинигэлэринэн буоллулар. Кини саха оскуолатын маҥнайгы уонна иккис кылаастарыгар тыл учебниктарын оҥорбута, И.Е.Охлопковалыын таһаартарбыт «Букубаара» кинигэ аан дойдутааҕы быыстапкатын дипломунан наҕараадаламмыта.
   Д.К Сивцев айар үлэтин усталаах – туоратыгар 100 – тэн тахса кинигэни, альбомнары, буклеттары суруйан, чочуйан таһааттарбыта. Ол курдук, үрдүк үөрэх студеннара туһанар «Саха фольклора» диэн хомуурунньугар тиийэ элбэх пособиялары суруйталаабыта. Педагогическай наукаларга үтүөлэрин иһин К.Д.Ушинскай мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Якутскайдааҕы кинигэ издательствотыгар, ТЛИ институтугар, Якутскайдааҕы музыкальнай-драматическай театрга, «Хотугу сулус» сурунаал редакциятыгар, төрөөбүт норуотугар, ыччакка үөрэҕи сырдыгы тарҕатар тылы, литератураны, фольклору көҕүлүүр, сайыннарар туһугар Дмитрий Кононович утумнаахтык, ис – сүрэҕиттэн үлэлээбитэ.
   Кэлин сылларга, 1977 сыллаахха бэйэтэ оскуолаҕа аан – бастаан үөрэнэ киирбит Чөркөөҕүн дэриэбинэтигэр ылыннарыылаах ытык тылын уонна общественность күүһүнэн, көскө кэлэн Саха сиригэр кэлэн олоро сылдьыбыт революционердары кэриэстээн, үйэтитэн Россияҕа биллэр мемориальнай музейы тэрийбитэ. Маны сэргэ Дмитрий Кононович Партия Обкомун уурааҕын олоххо киллэрсэн, П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музейы тэрийиигэ сыратын ууран туран үлэлэспитэ. Онтон сиэттэрэн Суоттуга «Доҕордоһуу», Ытык Күөлгэ «Таатта» музей – заповедниктары тэрийэн, норуокка улахан үйэлэргэ өлбөт- сүппэт өйдөбүлү хаалларда.
   Саха литературатын Саарына, Үлэ Геройа, РСФСР уонна СР норуодунай суруйааччыта, СӨ үтүөлээх деятелэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е. Кулаковскай ааттарынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара СӨ Духуобунаһын академиятын академига, СӨ уонна Таатта улууһун бочуоттаах гражданина Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон төрөөбүт норуотугар, кини төрдүгэр-ууһугар муҥура суох бэриниилээҕэ. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри норуотун модун силиһин-мутугун, күүрээннээх айар үлэтин кытта быстыспат ситимнээҕэ.

Дмитрий Кононович Сивцев

1944с. фроҥҥа бойобуой сорудахха.

Ытык Таҥаһыгар ыалдьыттары көрсөр.

Саха норуодунай суруйааччыылара Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа, С.Р.Кулачиков-Эллэй, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап. 1970- ус сыллар.

“Таатта”түмэлигэр скульптор В.Я.Сивцев – Отур Силис Д.К.Сивцев-Суорун Омоллооҥҥо анаабыт пааматынньыга 2011 сыллаахха туруоруллубута.