Суорун Омоллоон суолунан айан

Саха сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, САССР норуодунай худуоһунньуга, хаартыскаҕа түһэрээччи, этнограф, археолог Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар ананар

          Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон аҕа табаарыһын, элбэххэ уһуйбут учууталын, духуобунай настаабынньыгын Иван Васильевич Попов нэһилиэстибэтин үөрэтиинэн уонна норуокка сырдатыынан биир бастакынан саҕалаабыта.  1929 сыллаахха «Автономная Якутия» хаһыакка бэчээттэппит  «Сохранить ценного работника» ыстатайатыгар 23 саастаах Суорун биир-баар суох худуоһунньукпутун сыаналыаххайыҥ, үлэлиир усулуобуйатын чэпчэтиэххэйиҥ, сыратын-сылбатыҥ араас кыра үлэнэн  эһимиэххэйиҥ диэн ыҥырбыта[1]. Иван Васильевич 1926-27сс. “Саха кэскилэ” уопсастыбаҕа үлэлээбитэ. Маны сэргэ  оройуоннааҕы култуура көрдөһүүтүн быһа гыммакка планшеттары, ыҥырыы суруктары суруйара, оҥороро.

           1944 сыллаахха Суорун Омоллоон Ытык Күөлгэ Иван Васильевич Попову көрсө айанныыр. Суорун худуоһунньук чааһынай дьоҥҥо биэрбит үлэлэрин испииһэктээн ылар. Барыта 60 үлэни сурунан ылар[2].

       Ол иһигэр  бастакы кэргэнин Лукия Никитинаны сахалыы сонноох, илин-кэлин кэбиһэрдээх «Красавица Севера», эһэтэ протоиерей Димитриан Дмитриевич үлэҕинэн   «Ытык-Кельская Преображенская церковь»,  биир дойдулааҕар Петр Вонифатьевич Слепцовка атыылаабыт «Город Якутск», Уобаластааҕы музейга доҕорунан Платон Алексеевич Ойуунускайынан ыыппыт «Как юрта встречала революцию» айымньылара суруллубуттара. Көрсүһүү түмүгүнэн, Д.К.Сивцев Саха сирин искусствотын салайар тэрилтэтин начальнигар В.В.Местниковка  худуоһунньук нэһилиэстибэтин хомуйарга уонна чааһынай бас билээччилэртэн атыылаһарга хамыыһыйа тэрийэргэ этии киллэрэр.  Кэлин Дмитрий Кононович өссө испииһэккэ  «Мальчик»,  «Образ войны»,  «Старые ботинки» үс үлэ аатын эбэн биэрэр. Хомойуох иһин бу Иван Васильевич уонна Дмитрий Кононович тиһэх көрсүһүүлэрэ этэ.

         Дмитрий Кононович 1974 сыллаахха 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар Иван Васильевич үөрэммит Ленинград куоратын музейдарыгар, архыыптарыгар кини нэһилиэстибэтин билсэр соруктаах айаннаабыта. Кулун тутар 2 күнүгэр кини Ленинградтааҕы Наукалар академияларын архыыбыгар сылдьар. Ыраахтааҕы Александр III Нуучча музейын этнография салаатыгар пуондаҕа киирбит экспэнээттэри эридьиэстиир 1085-ис нүөмэрдээх докумуонун кытта  билсэр[3]. Бу опиһы 1907 сыл олунньу 2 күнүгэр Эдуард Карлович Пекарскай толорбут. Докумуон аата – “Отъ И.В.Попова. Приобретение въ 1904г. Якутская область. Якуты и русские”   1906 сыл иннинээҕи  “Описи этнографических коллекций предметов народов Севера (Якутский край, Охотск, Пообережье, Кольский уезд) дьыалаҕа тиһиллибит. Манна көстөрүнэн, И.В.Попов 93-үс хаартыскаҕа уһулууну туттарбыт. Тутааччы Э.К.Пекарскай түһэрии ис хоһоонунан, аҕыс баска араарбыт. Салгыы Арассыыйа этнография музейыгар Иван Васильевичтан киирбит хаартыскаҕа түһэриилэрин билсиэххэйиҥ[4]:

Бастакы бас  «Посуда. Домашнее хозяйство»:

 

                                                                                             “Часовня”
                                                                           “Усадьба богатого якута”
                                                                                           “Чороон”

Иккис бас “Сенокошение. Хлебопашество”.

                                                                           “Женщина на сенокосе”
                                                                           “Косарь на сенокосе”
                                                                «Мужчина, идущий на сенокос»

 

Үһүс бас “Промыслы и ремесла”:

                                                                        “Изготовление кирпичей”

 

                                                                 “Кузнец, молотобоец и меходуй”

Төрдүс бас “Средства передвижения”:

                                                            “Молодой мужчина верхом на коне”
                                                                             “Мужчина в лодке” 
                                                                                            “Седло”

Бэһис бас “Игры и развлечения.Гадание”:

                                                                                   “Два борца”
                                                                  “Группа мужчин с подростками”

Алтыс бас “Нищие” :

                                                                                 “Нищие муж и жена”
                                                                                           “Нищий”

Сэттис бас “Виды и типы”:

                                                                         “Три сельские девушки”
                                                                                          “Старуха”

Ахсыс бас “Культ”:

                                                                                   “Шаманское дерево”.

                 ХХ үйэ бастакы чиэппэригэр Иван Васильевич түһэрбит хаартыскалара Аан дойду үрдүнэн тилэри тарҕаммыттара. Аҕыйах ахсааннаах саха омук олоҕун-дьаһаҕын, дириҥ ис хоһоонноох култууратын, сиэрин-туомун кэрэһэлиир открыткалара уонунан тыһыынча тираһынан бэчээттэммиттэрэ.  Маны таһынан худуоһунньук үс улууска экспедицияҕа сылдьан хомуйбут баай хомуура, илиитинэн оҥорбут макеттара, Боотуруускай улууһун бастыҥ уустарын оҥоһуктара Германия музейдарыгар туттарыллыбыттара.

                 Худуоһунньук төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр Дмитрий Кононович Ленинград куораттан худуоһунньук сүүсчэкэ хаартыскатын куоппуйалаан аҕалан, “Иван Васильевич Попов – первый якутский художник-этнограф”  биэриини бэлэмнээбитэ[5]. И.В.Попов эһэтин Димитриан Дмитриевич Попов балаҕаныгар музей тэриллэн, федеральнай таһымнаах харыстанар сиринэн ааҕыллыбыта. 1995 сыллаахха Саха сирин музейдарыттан худуоһунньук холустаҕа үлэлэрин түһэртээн, Дьокуускай куораттан биирдиилээн дьонтон айымньыларын хомуйан  «Народный художник Иван Васильевич Попов»   альбомун бэчээттэппитэ. 2001 сыллаахха  Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсаннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтугар Бүтүн Арассыыйа үрдүнээҕи “Искусство и наука равноценны” научнай-практическай конференцияны Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон иилээбитэ, ыстатыйата хомурунньукка тахсыбыта.

                 Суорун Омоллоон биир киһи холугар тэҥнэспэт үтүмэн үйэтитии үлэтин тэрийбит музейдарыгар ыыппыта. Таатта үрэх үрдүгэр  саха литературатын саарыннарын Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа Соппуруонап, Николай Неустроев ааттарын сэргэ  Саха сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны төрүттээбит Иван Васильевич Попову, музыкальнай искусствоҕа  профессиональнай режиссер Анна Ивановна Егорованы үйэтитэн, кинилэр олорбут дьиэлэрин-уоттарын көһөрөн, саҥардан «Таатта» музей комплексын бар дьонугар бэлэхтээбитэ. Дмиитрий Кононович киэҥ далааһыннаах мындыр толкуйунан, кэскиллээҕи өтө көрөн тэрийбит кини оҕолоро – музейдара саха киинэтин сайдыытыгар төһүү күүс буолаллар. Дмитрий Кононович 2003 сыллаахха Лев Габышев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин  ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын музейын кытта «Основоположник изобразительного искусства Якутии» кинигэтэ бэчээттэммитэ.

             2021 сыллаахха биллиилээх киинэ режиссера Любовь Пантелеймоновна Борисова «Кэрэни көрбүт» уус-уран киинэтэ сүрэхтэнэн, ХIХ-ХХ  үйэ ыпсыыта хаалынньаҥ олохтоох саха дьолугар төрөөбүт  И.В.Попов саха омук материальнай култууратын үйэтитээччитин быһыытынан, көрсүө, сэмэй майгытынан, дьиэ кэргэҥҥэ үтүө сыаннастарынан, олоххо сырдыкка дьулуһуутунан бар дьоҥҥо таптатта.

                 Норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович учууталын,духуобунай настаабынньыгын көмүс аата Саха сирин  бастакы этнографтарын кэккэтигэр киирэн, кини чинчийбит, хомуйбут баай нэһилиэстибэтин, дойду музейдарыттан, архыыптарыттан, аймахтарыттан, биирдиилээн дьонтон холустаҕа айымньыларын түмэн Поповтар ааттарын сүгэр «Боппуоктар – удьуор худуоһунньуктар» хартыына галереятын уонна альбомун таһаарар ытык баҕалааҕа.

               

Бэлэмнээтэ Александра Постникова «Таатта» түмэлин үлэһитэ.

[1] Научный архив РАН СПб фонд 202, оп.2, д.366

[2] Национальный архив РС(Я) фонд Р-1650, оп.1,д.244

[3] Научный архив РАН СПб Фонд 202,д.2,оп.366

[4] Госкаталог Музейного фонда РФ  https://goskatalog.ru/portal/#/collections?museumIds=1214

[5] Национальный архив РС(Я) Фонд Р-1650, оп.1,д.33.