Суруйааччы Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар

Поэт, прозаик Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сыла.

(08.04.1914-31.05.1993)

Р.А. Кулаковскай 1914 с. муус устар 8 к. Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй ити саҕана Бүлүүтээҕи 3 кылаастаах училищеҕа учууталлыыра. Таатта улууһун lV Дьохсоҕон нэһилиэгэр эһэтин инитэ Иван Васильевич Кулаковскай-Быргый Уйбаан кийиитэ, огдообо Татьяна Васильевна Кулаковскаяҕа иитиллэн борбуйун көтөхпүтүн ахтар. Реас Чөркөөх сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. 12 сааһыттан соҕотох хаалан аймахтарын, билэр дьонун көмөтүнэн үөрэнэн 1936 с. Дьокуускай педагогическай техникумун бүтэрбитэ. Учуутал идэтин ылан 1940 с. саҕалаан Тааттанан, Чурапчынан, Бороҕонунан уо.д.а. сирдэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1945-1948 сылларга Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка үөрэммитэ. Оҕолорун иитэр кыһалҕаттан учууталлыыр үлэтигэр төннөргө күһэллибитэ. Сангаар 7 кылаастаах оскуолатыгар, Кириэс Халдьаайыга, онтон Чычымах 7 кылаастаах оскуолатыгар уһуннук араас предметтэри үөрэппитэ. Реас Алексеевич отучча саастааҕыттан былыргы саха олоҕун, айылҕа араас көстүүлэрин, норуот үһүйээннэрин кыралаан суруйа сылдьыбыт. Кини айар үлэтин 1962 с. саҕалаабыта. 1962с. «Наммаҕа”, “Бойуот” диэн суруйбут бастакы айымньыларын Суорун Омоллоон хайҕаабыта. 1965 сыллаахха “Сыккыс” диэн бастакы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Салгыы прозаик талаана арыллан “Сэһэннэр” (1971с), “Сиккиэр” (1976с.), “Олоҕу таптаа” (1980с), “Сэһэннэр уонна кэпсээннэр” (1984с), “Кэпсээннэр” (1988с), “

“Аҕам олоҕо” (1990с.), “Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор. Намыын киэһэ” (1993с), “Луҥку киэһэ” (1993), “ Олох лабаалара” (1996), “Кистэлэн кэпсээним” (2003) кинигэлэрэ тахсан ааҕааччы сэҥээриитин ылбыттара. Ити кинигэлэргэ кини олох хартыынатын, дьоннор сыһыаннаһыыларын, киһи айылҕаҕа сыһыанын,экология проблемаларын сэһэргиир.

Биир бастыҥ үлэтигэр «Аҕам олоҕо» ахтыы сэһэнигэр аҕатын Өксөкүлээх Өлөксөй уустук уонна ураты олоҕун, далааһыннаах үлэтин итэҕэтиилээхтик суруйбута. Барыта баар буолбут чахчылар, олорон, үлэлээн ааспыт дьоннор ахтыыларыгар уонна чахчыларга олоҕурбут айымньыта буолар.

1978 с. ССРС Суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн ылыллыбыта. Р. А. Кулаковскай аҕатын төрдүн – ууһун кэҥэтэн, удьуорун уһатан, аҕатын туйаҕын хатаран, кини сырдык үтүө дьыалатын салҕаан, сайыннаран, төрөөбүт норуотугар бэриниилээхтик сулууспалаабыта уонна таптыыр сахатын литературатыгар бэйэтин боччумнаах суолун хаалларбыта.