Тааттаҕа айан

     Айан суола аһыллаатын кытта Бүлүү куоратыттан педагогическэй үлэ ветерана Ирина Егоровна Петрова кыыһын кытта «Таатта» түмэлигэр ыалдьыттаатылар. Ирина Егоровна экскурсия кэмигэр Алампа Соппуруонап дьиэтин сэҥээрэн, Софроновтар диэн Тааттаҕа төһө элбэхтэрин, Чычымах нэһилиэгэ Ытык-Күөлтэн төһө ырааҕын сураһан, өр кэмҥэ ийэтэ харыстаан илдьэ сылдьыбыт, сиэбигэр кичэллээхтик суулана сылдьар саһарбыт хаартыскаларын биир-биир ороото. Хаартыскалар быыстарыгар эдэр дьон Егор Афанасьевич уонна Татьяна Трофимовна Софроновтар 1958 сыллаахха ыал буолбут туоһу суруктара баара (1 хаартыска). Бу ыалдьыппыт төрөппүттэриттэн хаалбыт баар-суох докумуона эбит. Манна сурулларынан, эдэр ыал Охотскай оройуонун Ново-Устьинскай сэлиэнньэтин ЗАГСатыгар регистрацияламмыттар. Уол 1929 сыллаах төрүөх, күн сирин көрбүт сирэ -Таатта оройуонун Чычымах сэлиэнньэтэ, ийэтэ 1934с. төрүөх, Дьокуускай куорат диэн суруллубут, биһигин ыйаммыт сирэ-Үөһээ Бүлүү диэн Ирина Егоровна чопчулуур. Чычымах уола Егор Софронов ити дойдуга, хайдах тиийбитин кыыһа маннык кэпсиир: «Тулаайах хаалбыт бырааттарын Егору, Алексейы уонна балтын Агашаны бадаҕа сэрии буола турар кэмигэр, аҕатын бииргэ төрөөбүтэ Роман Егорович Софронов (2 хаартыска: Софронов Роман Егорович кэргэнин кытта) Охотскай оройуонун Медвежка бөһүөлэгэр көһөрөн илдьэ барбыт. Онно тиийэн Роман Егорович «Первомайскай» колхуоһу тэрийэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Кэргэнэ ол дойду дьахтара, тоҥус. 1955с. Роман Егорович олохтон туораабыт, киниттэн оҕо-уруу хаалбатах. Бу сиргэ Саха сириттэн үгүс ыал баар эбит холобур, Тааттаттан Оготоевтар, Неморицыннар, Чурапчыттан Новгродовтар диэннэри ийэм кэпсиирэ. Оготоевтар аҕалара завхозтаабыта, икки уоллара Ааркыга олохсуйбуттара. Сахалар биир үксүн балыктааһыҥҥа үлэлииллэр эбит этэ. Ийэм эмиэ дьонун кытта бу дойдуну булан, 1953с. аҕабар кэргэн тахсар. Дьонум саҥа сиргэ олохсуйан олорбут кэрчик кэмнэрин туоһулуур биир хаартыска баар: «Бу хаартыска мин төрүөм иннинэ оҥоһуллубут. Бастакы эрээккэ үһүс аҕам олорор, онтон иккис эрээккэ бу мин ийэм миигин оһоҕостоох сылдьар кэмигэр, уоннааҕылара эбэҥки хааннаах Татьяна Слепцова дьиэ кэргэнэ буолар (3 хаартыска). 4 хаартыскаҕа аҕам бииргэ төрөөбүт балтыта Агафья Егоровна Ефимова кыыһын Аляны кытта. Ийэм Татьяна Трофимовна 1965с. түөрт оҕотун кытта Бүлүү куоратыгар төннөн кэлэр». Ити курдук, Ирина Егоровна оҕо сааһыттан отур-ботур да буоллар, тугу билэрин кэпсээтэ. Бу сыллар тухары кини өйүн-санаатын биир ыйытыы бобо-хаайа тутара: «Аҕабын убайа тоҕо Охотскайга көһөрбүтэ буолуой?»,-диэн. Ирина Егоровна аҕатын кытта ситимэ 1974 сыллаахтан быстар. Кэм кэрдии ааһан истэр саһарбыт хаартыскаларга биллибэт дьон мэтириэттэрэ тугу эмэ кэпсиэхтэрин таайыллыбат таабырын курдук хатанан испиттэрэ.

  Күндү ааҕааччылар, эһиги болҕомтоҕутугар Ирина Егоровна ийэтин альбомуттан хаартыскалары таһаарабыт, баҕар кинилэр ортолоругар эһиги билэр дьоҥҥут бааллара буолуо. 5 уонна 6 хаартыскаларга биллибэт дьон. 7 хаартыскаҕа 1953с. ийэм уонна Татьяна Слепцова дьиэ кэргэнэ. 8 хаартыскаҕа хаҥастан 3-үс Татьяна Слепцова , 4-үс ийэм. 9-ус хаартыскаҕа хаҥастан бастакы ийэм олорор. 10 –ус хаартыскаҕа хаҥастан бастакы ийэм олорор.

     Аҕатынан Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх, Бүлүү куоратын педагогическэй училищетыгар оскуола иннинээҕи үөрэтии салаатын сэбиэдиссэйинэн, преподователынан, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, куорат коллекционердарын иитэр, сырдатар үлэҕэ көхтөөх кыттааччыта Ирина Егоровна Петрова аҕатын Егор Афанасьевич Софронов аймахтарын уонна Тааттаттан Охотскай оройуонугар көһөн барбыт дьон туһунан информацияны билэр буоллаххытына бу төлөпүөнүнэн билсэргитин көрдөһөбүт 89141046576 (ватсааптаах).

Ирина Егоровна Петрова көрдөһүүтүнэн «Таатта» түмэлин фуондаҕа үлэһитэ Александра Постникова суруйда