Таатта улууһугар «Үтүө санаалаахтар» түмсүү анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмөлөһөр түмсүүтэ биллэрбит аахсыйатыгар «Таатта» түмэлин үлэһиттэрэ кытыннылар. Түмсүү кыттааччыларын күүстэринэн хомуллубут кэнсиэрбэ бааҥкатынан,
300 чүмэчиттэн 55 блиндаһы сылытар чүмэчи кутан бүгүн туттардыбыт. Аахсыйаҕа биирдиилээн дьону, дьиэ кэргэттэри кыттаргытыгар ыҥырабыт.