Саха сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны төрүттээччи Иван Васильевич Попов Таатта улууһугар 1874 сыллаахха Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр аҕабыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини ийэтинэн эһэтэ протоерей Димитриан Дмитриевич Попов уонна аҕата Василий Степанович Попов Таатта улууһугар үөрэхтээһин сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибит дьон буолаллар. Уон сааһыгар Иван Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияны бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн таптаан уруһуйдуур дьоҕурун суолдьут сулус оҥостон, баҕатын ситэрэн, 1903-1905сс. Петербург куоракка биллиилээх худуоһунньук В.Е.Маковскайга, кэлин 1912-19123сс. кини уолугар А.В.Маковскай үөрэммитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар Иван Васильевич нуучча уонна Италия Силигэлээһин кэмин худуоһунньуктарын үлэлэрин куоппуйалыыр. 1925-30сс. ойуулуур-дьүһүннүүр искусство бары көрүҥэр талаана арыллан, айар суолун чыпчаалыгар тахсар, аан дойдуга тиийэ биллибит үлэлэрин суруйар.
Дойдутугар төннөн кэлэн саха норуотун этнографиятын мунньан, Гамбург уонна Россия ыраахтааҕытын (Кунсткамера) музейдарыгар ыытар. Маны сэргэ 1914с. диэри бэйэтэ түһэрбит саха омук ол кэминээҕи кыһалҕалаах олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын, итэҕэлин, төрүт култууратын сырдатар хаартыскаларын нууччалыы быһаарыы суруктаан эмиэ ыыппыта. 1910 с. Иван Васильевич Германия “Шерер и Наггольц” хампаанньа кини хаартыскаларынан почтовай мааркалары бэчээттээбитэ.
Саха норуодунай суруйааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэллэри тэрийээччи Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон Иван Васильевич Поповы оҕо сааһыттан билэр, алтыһар, «мин духуобунай наставнигым» диэн ытыктыыр, сыаналыыр киһитэ этэ. Суорун Омоллоону хаартыскаҕа түһэрии искусствотыгар уһуйбут киһитинэн Иван Васильевиһы ааҕар. Кини ахтыытынан, Иван Васильевич өссө 1890-ус сыллартан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйбүт. Худуһунньук бастакы «Ходак» аппараатын киниэхэ Мелетий аккыырай бэлэхтээбит. Суорун Омоллоон худуоһунньук фотоаппаратынан этнографическай хабааннаах бастакы хаартыскаларын: 1928с. «Кыыс уҥуоҕа» сирин, Наттаара сайылыгар Көмүс хайа диэн сиргэ Ырыа Сивцев алта кырыылаах уҥуоҕун, 1929с. Ардьаах диэн сайылыкка Кулаковскайдар туос ураһаларын тобоҕо турарын түһэрбит эбит.
Иван Васильевич айар үлэтигэр мас, тимир оҥоһуктар оһуордарын-мандардарын, сатабыллаах уустар тутууларын үйэтиппитэ. Биллэн турар, бу үлэлэрин оҥороругар кини этнографическай маллары хомуйан, үөрэтэн Европа, Соҕуруу куораттарга ыыталабыыта төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох.
Иван Васильевич кыраҕы хараҕынан түһэрбит хаартыскаларынан дойдубут историятын, култууратын үөрэтэбит. Ол курдук, 1907 сыллаахха, Ытык Күөл Улахан Сайылык түөлбэтигэр, Татаринов Иван Семенович – Хаахый уола Сэмэнниир ураһатын хаартыскаҕа түһэрбитэ биллэр. Бу хаартысканы Петр I аатын сүгэр антропология уонна этнография музейыгар (Кунсткамера) “Старинная усадьба богатого якута“ диэн быһаарыы суруктаан ыыппыт. Сэмэнниирдээх ынах-сүөһү ииттэн сэниэтик олорбуттар. ХIХ үйэ бүтүүтэ Хаахый уола Сэмэнниир уолугар Феодул Иванович Татаринов Хатыкова Александраны сүгүннэрэн аҕалбытыгар бу туос ураһа туттарбыт. Хаартыскаҕа көстөрүнэн ,ураһа аттыгар алта кырыылаах бабаарына, балаҕан, нуучча дьиэтэ сэргэстэһэ тураллар.
Кыраайы үөрэтээччи Егор Дмитриевич Андросов суруйуутунан: “Ытык Күөл соҕуруу өттүгэр баар Куула Сайылык (эргэ Заготскот) диэн сиргэ Соргулаах Киргиэлэй уола Харлаампый Слепцов оҕолоругар, сиэттэригэр анаан сүүнэ улахан, көрдөр кэрэ ойуулаах-оһуордаах туос сабыылаах моҕол ураһаны туттарбыта 1934с. диэри бүүс-бүтүн турбутун алдьатан, күн-ый ыһыаҕа оҥорон мэлиппиттэрэ. Ол ураһа ис көстүүтүн худуоһунньук И.В.Попов хуолустаҕа уруһуйдаан үйэтитэн хаалларбыта. Уруһуйтан көрдөххө ураһа баҕаналарын быһыыта, архитектурата атын саха туос ураһаларын моойдордоох сэргэтиҥи баҕаналарыттан чыҥха атын быһыылардаах, оҥоһуктаах эбит этилэрэ“..
Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, эргиччи талааннаах ытык киһибит Иван Васильевич Попов норуотугар хаалларбыт баай нэһилиэстибэтэ кини прогрессивнай өйдөөх-санаалаах буолан, инникини өтө көрөн, билигин даҕаны научнай, культурнай сыаннастарын сүтэрбэттэр.
“Таатта “ түмэл фондатын сүрүннүүр үлэһитэ А.Н.Постникова.