В.Х.Слепцов – Балапаат Баай төрөөбүтэ 170 сылыгар сыдьааннара, үйэтитээччилэрэ муһуннулар

       Таатта ытык сиригэр төрөөн-уһаан, өрөспүүбүлүкэ, улуус үөрэхтээһинин, атыы-тутуу, суол-иис, литература уонна духуобунай нэһилиэстибэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах  меценат, 1912 сыллаах уобаластааҕы инородецтар сийиэстэрин кыттыылааҕа Вонифатий Харлампьевич Слепцов-Балапаат баай быйыл төрөөбүтэ 170 сылынан дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин уонна кинилэртэн хаалбыт саха омук култуурунай нэһилиэстибэтин кэрэһэлиир быыстапка  ахсынньы 12 күнүгэр ыытылынна.

            Бу саас Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ Таатта Поповтарын, Слепцовтарын үөрэтээччи, чинчийээччи, түмэл научнай үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Ефросиния Семеновна Ноговицына Дьокуускайга, Тааттаҕа уутуйан олорор Балапааттары мунньан көрсүһүү тэрийбитэ. Көрсүһүүгэ Балапаат кыыһа Мария Вонифатьевна Игнатьева хос сиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, талааннаах худуоһунньук Иннокентий Иннокентьевич Корякин «Мин төрүттэрим –  Балапааттар» хартыыналарын тула истиҥ сэһэргии тахсыбыта.

            Алампаны үөрэтиигэ олоҕун анаабыт филологическай наука доктора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Алампа аатынан уопсастыбаннай бириэмийэ бастакы лауреата Валентина Григорьевна Семенова алаас уола Алампа көмүс уҥуоҕар  дириҥ убаастабылын бэлиэтин сибэкки дьөрбөтүн уурууттан бүгүҥҥү тэрээһини саҕалаата. Төһө да Алампа суруйбутунуу “кыыдааныктыыр кыһыммыт кыһайаахтаан кыаһылаан”  турдар суруйааччы уонна чинчийээччи  ахтылҕаннаах көрсүһүүлэрэ   инчэҕэй эттээҕи, тэбэр сүрэхтээҕи чахчы да уйадытта. Валентина Григорьевна Алампа ханнык да түгэҥҥэ өрүү көмөлөһөрүн, ардыгар соҕотох да кэлэн кинилиин кэпсэтэр буоларын, урукку да өттүгэр киниэхэ сүгүрүйээччилэрэ тэлбит ыллыктара сойботун ахтан ааста.

 

          Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары Тааттыныскай нэһилиэк «Айылҕаана» Далбар Хотуттарын түмсүүлэрэ  «Албан аат» түмэлигэр саха сиэринэн арыылаах алаадьынан, күөрчэҕинэн айах тутан боҕуруоскай сытынан арчылаатылар. Тэрээһини Балапаат улахан кыыһыттан  Христина Вонифатьевна Прудецкаяттан хаан тамайар хос сиэнэ Алампа аатынан норуодунай бириэмийэ быйылгы лауреата, Тааттатааҕы лицей дириэктэрэ Изабелла Александровна Сивцева  Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус-Алдантан Черкашиннары, Кулаковскайдары, Большаковтары, Тааттаттан Слепцовтары, Прудецкайдары  бииргэ түмэн Балапааттар түһүлгэлэрин иилээтэ.

             Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай түмэл научнай үлэһитэ Е.С. Ноговицына Балапааттар сыдьааннара түмпүт сэдэх хаартыскаларыттан таҥан оҥорбут презентациятын ыытан тэрээһини сэргэхситтэ. Презентацияҕа поэт А.А. Иванов – Күндэ Москваҕа В.Г. Слепцовтуун үөрэнэ сылдьан түспүт хаартыскалара эмиэ киирбиттэрэ сонун буолла. Вонифатий Григорьевич саахымат кэрэ эйгэтигэр дьиэ кэргэниттэн иитиллэн улааппытын туһунан сир түннүгэ Андросов Е.Д. “Саахымакка анаммыт олох” ыстатыйатыттан билэбит. 1925с. Михаил Ботвиннигы кытта оонньоон тэҥнэспитин туһунан убайыгар М.Г.Слепцовка суруга туоһулуур.   Маны таһынан Е.С. Ноговицына куйаар ситиминэн “Балапааттар баайдара” диэн кэпсээнин кэрэхсээн иһиттибит. В.Х. Слепцов саамай дьоҕурдаах эрээри уустук олохтоох кыра уола Тэрэнтэй 1927 с. этнограф М.В. Измайловаҕа элбэх таҥаһы-сабы, киэргэли атыылаабытын туһунан иһиллэр этэ. Онон Ефросиния Семеновна ол маллар испииһэктэрин архыыптан булан  муус устарга Литературнай музейга буолбут тэрээһинигэр Е.М. Ярославскай аатынан түмэл туруорбут быыстапкатын малларын хаартыскаҕа устубута. Олору булбут испииһэгэр тэҥнээбитин туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Балаппааттар мааны кийииттэрэ К.Д. Спиридонов – Кирилэ Дабыыдап кыыһа Варвара уруутугар кэппит хаһыаччыга, үтүлүгэ суруйууга сөп түбэһэллэрин быһаарда.

         Салгыы чинчийээччи Валентина Григорьевна Алампа дьылҕатыгар  улахан суолталаах дьонунан кини ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт Мария Афанасьевна Слепцова  уонна кини дьиэ кэргэнэ  Балапаттар буолалларын өссө төгүл бэлиэтээтэ.  Бу туһунан кини 2011 сыллаахха “Алампа.Личность норуот историятыгар суолтата” кинигэтин “Үөрэх-билии суолунан” диэн түһүмэҕэр Балапааттар оҕолорун туһунан сиһилии суруйан,  саха омук революция иннинээҕи энциклопедиятынан ааҕыллар Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романын бастакы варианыгар Слепцовтар аймах прототиптарын киһи быһыытынан майгыларын сүрүн бэлиэлэрин чопчу бэлиэтээбитин ыйбыта.  Маны таһынан, Таатта улууһуттан тахсыбыт саха биир бастакы фольклорист, этнограф, худуоhунньук, “Саха кэскилэ” уопсастыба чилиэнэ, КСК  хас төгүллээх чилиэнэ Петр Вонифатьевич  уус-уран литератураҕа уонна саха этнографиятыгар улахан  өҥөтүн туһунан кэпсээтэ.

         Петр Вонифатьевич Слепцов норуодунай худуоһунньук Иван Васильевич Поповтан хаартыскаҕа түһэриигэ үөрэммит. Кини 1900 сыллаахха Наммараҕа халыҥ аймахтарын уонна үлэһиттэрин чэчирдэр инньилэригэр түһэрэн үйэтиппитэ. П.В.Слепцов 1928 с. Анаабырга уонна Хатангаҕа чинчийэр сыаллаах экспедициянан бара сылдьыбыт. Экспедиция  сыалынан Хатанга уонна Анаабыр топографическай картатын чуолкайдаан оҥоруу, итиэннэ экспедиция кэмигэр олохтоохтортон таҥна сылдьар төрүт таҥастарын, тыаҕа бултуур малларын-сэбиргэллэрин хомуйан наука Академиятыгар, салгыы Кунсткамера Фондатыгар тиэрдии буолбут. 2021с. Анаабыр улуустааҕы кыраайы үөрэтэр этнографическай уонна Улуу Петр Первэй аатынан антропология уонна этнография МАЭ РАН музейдар (Кунсткамера) ыкса үлэлэрин түмүгүнэн «Охотники-оленеводы Хатанги и Анабара» каталог сүрэхтэммитэ.  
            Петр Вонифатьевич сыдьаана  экономическай наука кандидата, РФ наукаҕа уонна техникаҕа бочуоттаах үлэһитэ Георгий Петрович Кулаковскай  дьонун туһунан сырдатта: «Мин ийэбинэн  эһэм  Слепцов Петр Вонифатьевич буолар. Ийэм Мария Петровна эрдэ олохтон туораан, эдьиийбэр Елена Петровна уонна Семен Яковлевич Нехаевтарга иитиллибитим.  Аҕам Петр Егорович Кулаковскай  Саха АССР доруобуйаҕа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбитэ». Георгий Петрович Таатта түмэллэригэр Саха сирин архыыбыттан эһэтэ Петр Вонифатьевич Охотскай тракка үлэтин туһунан докумуоннары бэлэх уунна.

       «Почетный инородец»  диэн эдэр сааһыгар ылбыт үрдүк ааттаах, Боотурусскай улууһун ытыктанар, улуус бастакы норуодунай судьуйата Григорий Вонифатьевич Слепцов уола Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музей научнай сотруднига, дириэктэрэ Михаил Григорьевич кэнчээри ыччатыгар төрүччүтүн суруйан хаалларбыта. Ол курдук, түгэх өбүгэлэриттэн Төлөөктөн (Теляк) сэдиптээн, Талҕалыыр Түбүк  сыдьааннара Алампа уонна Балапаат баай хаан аймахтыы буоларын быһаарбыта.  Михаил Григорьевич утумнааччылара  Николай Михайлович Слепцов, Клара Михайловна Егорова уонна Федора Михайловна Харитонова буолаллар. Өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин үтүө доҕотторо Н.М.Слепцов уонна кини эт саастыы быраата Владимир Ильич Сизых  историческай суолталаах хаартыскалары мунньан, сурукка тиспит үлэлэрэ  наука үлэһиттэрин тирэхтэрэ буолаллар. Тааттыныскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Федора Михайловна кыра эрдэҕиттэн хаартыскалары интэриэһиргээн, бу сыллар тухары улуус историятын эдьиийинээн Клара Михайловна Егоровалыын суруйан,  үгүс кинигэлэри таһааттардылар: “Ытык Күөл” (2012), “Отец Иннокентий” (2014), “М.Г.Слепцов ахтыыта” (Егорова К.М., Харитонова Ф.М., 2014), “Кыайыгый бөлүһүөгэ Слепцов М.Г.” (2015), “Тааттыныскай нэһилиэк” (Винокуров Е.Г., Кузьмина Е.Ф.,2015), “Түөкэй ууһуттан төрүттээх  Ытык Күөл” (Егорова К.М., Харитонова Ф.М.,2019), “Николай Михайлович Слепцов” (2020), “Николай Никонорович Прудецкий” (2020), “Оҕо саас түһүлгэтэ” (Колесова М.Н., Харитонова Ф.М. 2021) уо.д.а.

    Федора Михайловна салалтаҕа үлэлиир кэмигэр улуус салайааччыларыттан биирдэстэрэ, Сиипсэптэринэн аймахтара Захаров Егор Васильевичтыын Алампа, Балапааттар туһунан истиҥ кэпсэтиилэрин уонна биир салаанан Бочоруковтары кытта биир төрүттээх  буолалларын ахтан санаан ааста. Ахсынньы 25 күнүгэр Балапааты кытта биир күн төрөөбүт, аймахтар бары убаастыыр, киэн туттар эдьиийдэрэ,  Петр Вонифатьевич кыыһа Елена Петровна Нехаева – тетя Леля буолар. Эдьиийэ Светлана Михайловна ол күн Елена Петровнаны кытта  саамай алтыспыт аймахтарын сылын ахсын түмэрин, быйылгыттан аны икки киһи төрөөбүт күнүн бэлиэтиир үтүө үгэстэммиттэрин сырдатта.  

            Алампа  көҥүлэ күөмчүлэнэ сылдьыбыт туоһутун  ойо быһыллыбыт хаартысканы кини хаан аймаҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Чуораанчык” уһуйаан иитээччитэ  Ирина Михайловна Билюкина көрдөрдө. Хаартыскаҕа үс эдэркээн дьон Алампалаах Евдокия  уонна балтыта Анастасия түспүттэр.  Дьиэ кэргэн кичэллээхтик харайа сылдьыбыт хоппотугар өссө биир  хаартыска иккис киһиэхэ анаммыт: «Уважаемому Петру Вонифатьевичу и Александре Петровне Слепцовым от Анемпо и Дуни Софроновых. 1919г. апр.23 дня.г.Якутск».  Ирина Михайловна кырдьаҕас эдьиийдэрин туһунан оҕо сааһын лоскуйдарыттан ирэ-хоро сэһэргээтэ.  Кини ийэтинэн хос эбэтэ  Алампа бииргэ төрөөбүт балта Анастасия Ивановна Софронова-Слепцова, оттон  аҕатынан хос  эһэтэ Г.В.Слепцов Балапаат уола буолалларын киэн тутта кэпсээтэ.

            Быйыл Балапааттар төрөөбүт-үөскээбит сирдэригэр Хоту Наммараҕа Ытык Тириитигэр икки бэлиэни туруортарыыны көҕүлээбит, Тааттабыт улууһун түмэллэрин сайдыыларыгар, улуус ытык бэлиэ сирдэрин  харыстааһыҥҥа, үйэтитиигэ күннэри-түүннэри түбүгүрэр бука бары киэн туттар киһибит Чөркөөхтөөҕү саха политсыылкатын түмэлин салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Николай Ефимович Попов ахтыытын иһиттибит.

           Балапааттар төрүт уус дьон кыра кыыстарын Федора Вонифатьевна Большакова сиэнэ Федора Ивановна Большакова Дьокуускайтан ыалдьыттаатта. Федора Вонифатьевна “Сааскы кэм” романыгар Сүөкүлэ Сыҕаайаба оруолугар ойууланар. Киниттэн тиксибит үрүҥ көмүс оҥоһуктары: сиэдэрэй оһуордаах-мандардаах быһах кыынын, 1756 сыллаахха кутуллубут хомуоһун, үстэн ордук киилэлээх кытыйатын, туой көһүйэтин “Таатта”, уран оҥоһуулаах мастан, туостан  иһиттэрин, дьиэ-уот малын Чөркөөх түмэллэрин фондаларыттан билииннэрдилэр. Чөркөөх түмэлигэр сылдьыбыт эрэ сөҕө көрөр Балапаттар улахан ыскааптара туспа история кэрэһитэ буолан турар. Бу ыскаабы Тэрэнтэй Силэпсиэп биир ыанар ынахха уонна 16 киилэ ынах арыытын төлөөн оҥотторбута биллэр. Быыстапканы Харбалаахтан Рево Гаврильевна Корякинаттан хаалбыт түөрт атахтаах остуол, соҕурууттан кэһии гынан аҕалыллыбыт кэмпиэт, бирээнньик хоруопкалара, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Николай Никанорович Прудецкай  бииргэ сулууспалаабыт доҕотторун мэтириэттэрэ,  төрөөбүт Тааттатын кэрэ көстүүлэрэ уонна кини хос сиэнэ Айлана Николаевна Прудецкая уруһуйдара ситэрдилэр.

           Христинаттан сыдьаан тардыбыт Өктөм норуодунай тыйаатырын салайааччыта  Зоя Егоровна Аржакова уолунуун Руслан Егорович Игнатьевтыын, Уус Алдантан бииргэ төрөөбүт убайа Черкашин Петр Егорович кэргэнинээн Ирина Иннокентьевналыын, Мэҥэ Хаҥаластан Владимир Коммунарович Черкашин, куораттан Ада Александровна Кларова  Ытык Тирииттэн силистээх-мутуктаах, дириҥ историялаах, халыҥ аймах Балапааттар буолалларыттан  киэн тутта, астына, атах тэпсэ олорон сэргэх тэрээһин ыалдьыттарынан буоллулар.

          Ити курдук, ырыаҕа ылламмыт бас көс киһибит Вонифатий Харлампьевич сыдьааннара салайар, чинчийэр, артыыс талааннара, уруһуйдуур дьоҕурдара  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн утумнаннаҕа. Балапааттар олохторун, баай нэһилиэстибэлэрин дириҥэтэн үөрэтэр, үйэтитэр биир дойдулаахтара ытык иэстээхпит.

 

А.Н.Постникова «Таатта” түмэлин фондатын үлэһитэ.