Саха норуодунай худуоһунньуга
Эдуард Иосифович Васильев
80 сааһа
“Таатта” түмэлин фондатыттан
Саха норуодунай худуоһунньуга, Алампа аатынан норуодунай бириэмийэ бастакы лауреата,Россия үтүөлээх худуоһунньуга, РСФСР государственнай бириэмийэтин лауреата, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ, түмэлбит доҕоро Эдуард Иосифович Васильев быйыл үбүлүөйдээх 80 сааһын туолла. Ытык киһибит Суорун Омоллоон суруйбутунуу
«Үйэ уһунунан буолбакка – үлэ үйэлээҕинэн кэриэс хаалларыы” диэн олоҕун философията Эдуард Иосифович худуоһунньук буолар дьылҕатыгар эмиэ сабыдыаллаабыта мэлдьэҕэ суох. Кини 1970-ус сылларга Суоруннарга күтүөт буолуоҕуттан Дмитрий Кононовичтыын ыкса алтыһан, кини идеяларын олоххо киллэрээччи, түмэллэрин өйөөччү буолбута. Кини айар үлэтин суолугар алаас уола Алампа уобараһа биир сүдү миэстэни ылар. Ол курдук, 1977 сыллаахха “Алампа аҕатынаан” хартыынатынан КСК Ыччатын
Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһун бириэмийэтин ылбыта.
Дмитрий Кононович эдэр сааһыттан ытык дьонун саха классик суруйааччыларын Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа Соппуруонап, Николай Неустроев, саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи Иван Васильевич Попов, саха профессиональнай ырыаһыта Анна Ивановна Егорова сырдык ааттарын үйэтитэр сыаллаах “Таатта” түмэлин тэрийбитэ. Өрөспүүбүлүкэ биллэр худуоһунньуктара А.Н.Осипов, Т.А.Степанов, Э.И.Васильев, Ю.А.Голиков, М.А.Рахлеева, К.П.Гаврильев о.д.а. саха суруйааччыларын айымньыларынан үлэлэрин түмэл арыллыытыгар бэлэх ууммуттара. Эдуард Иосифович үрдүк маҥан халлааҥҥа өрө дабайан үүммүт баараҕай киил мас көмүс туорахтарыгар саха омук төрүттэриттэн саҕалаан, олоҥхоһут М.Н.Андросованы, сахаттан бастакы профессиональнай бырааһы П.Н.Сокольниковы, Саха АССР тэрийбит чулуу уолаттарын Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, В.В.Никифоровы, саха классик суруйааччыларын А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйү, А.И.Софронов-Алампаны, Н.Д.Неустроевы, СӨ бастакы Президенын Михаил Ефимович Николаевы о.д.а. “Аал луук мас ” үлэтигэр үйэтиппитэ. Маны таһынан, историческай түгэҥҥэ олоҕурбут “Туску” айымньытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ суверенитеты ылыныытын уонна 1993 сыллаахха дойду Президенэ Борис Николаевич Ельцин Былатыан Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйүгэр Тааттаҕа кэлиитин уруһуйдаан бэлэх ууммута.
2015-2018 сылларга түмэл экспозицията худуоһунньук протоиерей Димитриан Дмитриевич Попов, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И.Софронов-Алампа, саха норуодунай худуоһунньуга Иван Васильевич Попов, искусство, литература эйгэтин чаҕылхай сулустара кэргэннии Анна Ивановна Егорова уонна Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара мэтириэттэринэн байытыллыбыта.
Былырыын дойдуга култуурунай нэһилиэстибэ сылынан Эдуард Иосифович “Таатта” түмэлигэр икки үлэтин бэлэхтээбитэ: “Чөркөөхтөөҕү таҥара дьиэтэ”, ” Лингвист, учуонай Э.К. Пекарскай балаҕана”. Бу үлэлэр 1985 сыллаахха саха худуоһунньуктарын пленэрдэрин кэмигэр суруллубуттара биллэр.
Эдуард Иосифович Дьокуускайга “Худуоһунньуктар дьиэлэригэр”, сайынын Мэҥэ Хаҥалас Дойдуунускай нэһилиэгэр мастерскойугар историческай тиэмэлэргэ, айылҕа кэрэ көстүүлэрин хуолустаҕа түһэрэн билигин да айымньылаахтык үлэлиир.