Саҥа быыстапка

🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿

Уйбаан уола Уйбаачаан
Утумнаан уруһуйдьут буолбут,
Аҕатын туйаҕын хатарбыт!
Кини иэйиитэ – киистэнэн
Суруллубут саха кыыһа…
* * *
Дьэ, буолар да эбит –
Биир киһиэхэ элбэхтик
Айылҕаттан бэриллэр
Дэгиттэр дьикти талаан:
Живописец, график, скульптор,
Муосчут, өссө реставратор…

_Сардаана Ойунская_
1993-1995сс.

*Кулун тутар 25 күнүгэр* П.А.Ойуунускай аатынан норуодунай тыйаатырыгар Хартыына галереятыгар *«Попов Иван Иванович. Живописец. Скульптор. Иллюстратор» худуоһунньук, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ» Иван Иванович Попов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах* «Таатта» түмэлин пуондатыттан быыстапканы кэлэн сэргээҥ!
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿

Өксөкүлээх сардаҥата

 

Күндү Саха сирин олохтоохторо уонна ыалдьыттара.

Ил Дархан Айсен Сергееви Николаев 2023-2027 сс. Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сылынан биллэрбитэ. Кулун тутар 16 күнүгэр (суббуота) саха литературатын төрүттээччитэ, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Барыла:
11:00 “Таатта” литература-художественнай түмэлигэр (Хадаайы) Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕанын көмүлүөк оһоҕуттан Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көстөр быһа холбонуунан (СИГЭТЭ https://vk.com/call/join/r4AGOslqjh_Bijun5oEjIQ_arsulWuLYo8RIq3lzF9Q ) “Өксөкүлээх сардаҥата” уоту ылыы. Таатта улууһун баһылыга Айаал Семенович Бурцев, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Рива Реасовна Кулаковская Өксөкүлээх сардаҥатын Саха сиригэр сандаардыахтара. Оскуолаларга, тэрилтэлэргэ уоттары уматыахтара, кини айар үлэтин, олоҕун кэпсэтиэхтэрэ.