Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ювелир күнэ. Балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр Тааттаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Иис.Уус.Ас» этнографическай фестиваль чэрчитинэн бастакытын ыытыллыбыт «Үйэлээх суһуоҕум суһума» көмүс уустарын түһүлгэлэрин видео матырыйаалын билиһиннэрэбит. Тарбахтарыгар талааннаах көмүс уустара уонна кинилэр уһуйуллааччылара ытыктыыр киһибит Б.Ф.Неустроев -Мандар Уус сурукка-ойууга тиспит матырыйаалыттан, суһуох симэҕин оҥорон дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөрбүттэрэ. Күрэхтэһии түмүгүнэн экспертэр: Старостина Татьяна Гавриловна – «Саха музейын» хранителэ, СӨ култууратын туйгуна, Петрова Светлана Ивановна- история билимин хандьыдаата, ГЧИ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, Чярин Федор Иванович-СӨ норуотун маастара, Тарабукин Эдуард Эдуардович-СӨ норуотун маастара, хомус ууһа кыайыылаахтары быһаарбыттара.
🥇чыпчаал – Табунанов Иван Иванович – СӨ уус-уран оҥоһуктар маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы быыстапкалар кыайыылааҕа, Талба Тааттыныскай нэһилиэк коллекционердарын салайааччыта, тимир ууһа уонна кини уһуйуллааччыта Маркова Лия, Тааттатааҕы лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ.Таатта улууһа.
🥈чыпчаал – Иванова Туйаара Александровна – ювелир-маастар, Дьокуускайдааҕы художественнай училище иһинэн улахан нэһилиэнньэҕэ анаан «Дизайн национальной одежды», «Ювелирное мастерство по художественному металлу» бырайыактар ааптардара, «Ай-уран» оҕо-аймах модельнай театрын салайааччыта, Дьокуускай куорат. Арсен Вырдылин – Тааттатаҕы лицей 8 кыл. үөрэнээччитэ.
🥉Золотарева Ольга Леонидовна – Ураанай – ювелир-художник, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна тас дойдуларга биллэр «Ураанай» ювелирнай бренд төрүттээччитэ. Толя Кычкин – Тааттатаҕы лицей 8 кыл.үөрэнээччитэ.
Маны сэргэ «Кэрэни көрбүт” уус-уран киинэҕэ кыыс оҕо толору симэҕин тикпит маастарбыт Федорова Анисия Иннокентьевна – Аан Иис Ийэ – СӨ норуотун маастара, Российскай Федерация худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Аан дойдутааҕы, Европа, Евразия дойдуларын уонна дойду таһымнаах быыстапкалар кыайыылааҕа. Күрэххэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун аатыттан сиэнинээн Сайаана Скрыбыкиналыын ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Тэрээһини хомоҕой тыллаах ыытааччыбыт Мариетта Петровна Бондарева уонна кустуктуу уһун суһуохтаах кэрэчээн кыыспыт Анна Матвеевна Степанова киэргэппиттэрэ.